Дьокуускайга тымныйан ыарыыга 300-тэн тахса сайаапка киирдэ

Ааптар: 
25.03.2020
Бөлөххө киир:

«Арассыыйа 24» тэлэбиидэнньэ ханаалыгар Ил Дархан «Быһа эпииргэ» тахсан истээччилэр ыйытыыларыгар хоруйдаата.

edersaas.ru

Үгүс ыйытыы быыһыгар Ил Дархан биэриини ыытааччы тымныйыы туһунан ыйытыытыгар маннык хоруйу биэрдэ:

Тымныйан ыалдьыы коронавирус ыарыытын курдук буолан, ордук сэрэхтээх. Билигин ОРВИ-нан ыалдьыы ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускайга 25% тэҥнэстэ. Эмчиттэр «олус элбэх сайаапка киирэр» диэн бэлиэтээбиттэрэ. Онон, биллэн турар, тустаах исписэлиистэр, үспүөйдээн ыҥырыылаах ыарыһахтарга кэмигэр тиийбэт түбэлтэлэрэ баара. Ол иһин мин аҕыйах хонуктааҕыта суһал көмө быраастарыгар бырабыытылыстыба аппараатын автобаазатын массыыналарын көмөҕө биэрэргэ сорудахтаабытым. Онон массыыналарынан эмчиттэр толору хааччылыннылар. Бүгүҥҥү күҥҥэ «Суһал көмө» эмчиттэрэ 300-тэн тахса киирбит сайаапканы барытын ыллыбыт диэн иһитиннэрдилэр.  Куттала баар, ОРВИ ыарыынан «сирэйдэнэн», коронавирус ыарыыта бэлиэтэниэн сөп. Ыалдьыбыт дьон поликлиникаҕа барбакка, эмчиттэри дьиэлэригэр ыҥырыахтаахтар.

«Россия 24» ханаалыгар киирбит боппуруостарга барытыгар Ил Дархан Айсен Николаев толору, киэҥник хоруйдаата.

Елена  ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0