Дьокуускайга Тибет култууратын билиһиннэрэллэр

Ааптар: 
30.06.2017
Бөлөххө киир:

Бүгүн Дьокуускай куоракка Индия Карнатака штатын Дрепун Гоманг университет-манастыырын манаахтара Саха сиригэр Эйэ маандалын (Мааны далын) тута кэллилэр.

 edersaas.ru


“Үргэл” арт-галереяҕа бэс ыйын 30 күнүттэн от ыйын 11 күнүгэр диэри Тибет култууратын күннэрэ ыытыллыахтара.

— Бу суолталаах тэрээһин ыытылларыгар Индияны, Тибет култууратын кытта ситим уонча сыллааҕыта олохтоммута. Тибет култуурата, итэҕэлэ биһиги сахабыт итэҕэлигэр ханыылыытын, үгүс майгыннаһар өрүттэрин туһунан өссө ааспыт үйэҕэ тыл үөрэхтээҕэ Семен Новгородов бэлиэтээн, ситим олохтуу сатаабыттааҕа. Оччолорго Тибет курдук ыраах дойдуга киһи санаата да тиийбэт кэмнэрэ этилэрэ. Оттон билигин олох сайдан, биһиги уруулуу омуктарбытын мааны ыалдьыт быһыытынан көрсөбүт. Бу күннэргэ уон күн устата Эйэ Маандалата оҥоһуллуоҕа. Маны сэргэ, баҕалаахтар Тибет эмчитигэр доруобуйаларын көрдөрүнүөхтэрэ, астрологка сылдьан бэйэлэрин олохторун, дьылҕаларын долгутар ыйытыыларга хоруйу булуохтара, — диэн Арт-галереяҕа ыытыллар Тибет култууратын тэрийсэр  Сардаана Барахова-Ымыы эттэ.

Бэйэтин эҕэрдэ тылыгар Далай Лама XIV  үөрэнээччилэрин бөлөҕүн салайааччыта Галина Никитина бүгүҥҥү ыалдьыттар Эйэ Маандалата Арассыыйаҕа бастыкытын оҥороллорун бэлиэтээтэ. Бу иннинэ АХШ-га оҥоро сылдьыбыттар.

— Биһиги 2006 сыллаахха 15  буолан Далай Ламаҕа тиийэн үөрэнэн кэлбиппит. Тибет манаахтарын итэҕэллэрэ биһиги итэҕэлбитигэр, абыычайбытыгар олус майгынныыр. Эмиэ биһиги курдук уоттарын уонна сирдэрин иччилэрин аһаталлар, Ийэ айылҕаҕа сүгүрүйэллэр. Дэлэҕэ да Далай Лама биһигини көрөөт: «Оо, ойууннар кэллилэр!» — диэ дуо? «Тоҕо инньэ диигин?» — диэн ыйыппыппытыгар:

— 50-тан тахса кыраадыс тымныы уонна 30-тан тахса кыраадыс куйаас араастаһыытыгар ураты көрүүлээх дьон — ойууннар үөскүүллэр. Тибеккэ олорор эрдэхпитинэ, биһиэхэ эмиэ тымныы, сайынын куйаас этэ. Ол иһин айылҕа итинник тыйыс усулуобуйатыгар эрэ дьон көрүүлэнэллэр, — диир. Кырдьык, ол да иһин саха дьоно тохсунньу тоһуттар  тымныытыгар таҥхалыыллар эбит.

Галина Никитина кэпсииринэн, «Далай Лама үөрэнээччилэрэ» диэн анал бөлөх бэйэлэрэ кыттыһан Саха сиригэр Тибет култууратын билиһиннэрэргэ санаммыттар. «Индияҕа аан дойду дьоно бары кэлэн үөрэнэллэр. 1956 с. кытайдар төрөөбүт дойдуларыттан үүрэн кэбиспит дьоно,  санааларын түһэрбэккэ, өбүгэлэрин саҕаттан кэлбит бэйэлэрин норуоттарын култуураларын, чөл олоҕу түстүүр тосхоллорун тарҕата сылдьалларын көрөн баран, биир дойдулаахтарбытыгар бу күүстээх норуоту билиһиннэрэргэ санаммыппыт.

Санаалара күүстээх буолан, кинилэр ханна да тиийэн олордуннар, өрүү бэйэлэрин миэстэлэрин булаллар, кыахтаахтык олороллор. Саамай кылаабынайа, Тибет дьоно аан дойдуга эйэлээх олоҕу түстүүр. Дьиктитэ баара, кумаҕынан уруһуй оҥороллоругар, кинилэр сахалар курдук, Айыыларын ыҥыран көмөлөһүннэрэллэр. Эйэ Маандалатын оҥороллоругар кинилэр бары итэҕэллэри холбоон, сомоҕолоһууга тиэрдэллэр. Маны таһынан, биһиги сирбитигэр алмааһы, көмүһү хостуулларыгар айылҕаны, сири-уоту алдьатыы бара турарыттан сир иччилэрэ айманан, ыарыы, ойуур уота турар, халаан буолар эбит. Ол ону   ыраастыыллар,  эмтииллэр. 2009  сыллаахха Далай Лама: «Тибет үөрэҕэ хоту диэки баран эрэр» диэн бэлиэтээбитэ, — диэн кэпсиир Галина Никитина.

Сунтаартан төрүттээх Полина Иванова Тибет култууратын тарҕата сылдьар биэс манааҕы уонна кинилэр тылбаасчыттарын бэйэтин куорат таһынааҕы дьиэтигэр түһэрбит.

Мин 2010 сылтан сэттэ сылы быһа икки-үс ыйга Индияҕа тиийэн Далай Ламаҕа үөрэнним. Буддизм философиятын үөрэтэбин. Биллэн турар, бэйэм сиэрдээх-туомнаах, айылгылаах саха дьахтара буоларым быһыытынан, буддист буолбатым чахчы. Бэйэм эмчит идэлээх буолан, сүрүннээн, Тибет медицинатын үөрэтэбин. Бу духуобунаһы бэрт өр көрдөөн буллум диэн санааҕа кэллим. Сырдык, ыраас суоллаах дьону аҕалан, дойдубутун ыраастаппыт киһи диэн баҕалаах аҕалбыппыт, — диэн кэпсиир Полина Ивановна.

Тэрээһиҥҥэ сылдьыбыт буддизм итэҕэллээх дьон тыл этиилэрэ олус дириҥ ис хоһоонноох. Холобур, 50-тан тахса сыл Саха сиригэр олорор бүрээт общинатыттан тыл эппит аҕам саастаах дьахтар: «Биһиги бу хоту дойдуну сайыннара диэн эдэркээн уолаттар уонна кыргыттар кэлэн баран, Саха сирин ис испититтэн сөбүлээн, иккис дойду оҥостон олоробут. Ханнык да омугуттан тутулуга суох, бэйэбит култуурабытын атын норуоттары кытта тэҥҥэ сайыннарабыт. Онон эһиги биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр или уонна эйэни бөҕөргөтө кэлбиккитин ис сүрэхпититтэн ылынныбыт«, — диэн санаатын сайа эппитин истибит дьон бары олус сөбүлүү ылынныбыт.

Оттон калмык общинатыттан тыл эппит эдэр киһи: «Саха сиригэр араас норуот итэҕэлэ тэҥҥэ сайдан иһэр. Ол курдук, манна Таҥара уонна католиктар дьиэлэриттэн саҕалаан, бүрээт дацаныгар, Орто Азия омуктарын мечеттэригэр, сахалар Арчы дьиэлэригэр тиийэ араас итэҕэли үөрэтэр, тутуһар дьиэлэр бааллар. Биһиги бары Сахабыт сиригэр уопсай тылы булан, иллээхтик олоробут«, — диэн бэлиэтээтэ.

Оттон саха общинатыттан тыл эппит бэрэстэбиитэл Тибет култууратын тарҕатааччыларга туһаайан:

— От ыйын 2 күнүгэр биһиги Улуу  Өлүөнэ Эбэбит күнүн бэлиэтиирбитигэр оруобуна кэлбиккит. Эһиги Эйэни түстүүр, Ийэ айылҕаны ыраастыыр кэмҥит бу бэлиэ күҥҥэ түбэһэрэ олус бэрт. Эбэбит эһиги маандалаҕыт нөҥүө ыраастанан хаалыан баҕарабыт, — диэн эттэ.

Маандала өрүс кумаҕынан буолбакка, араас өҥнөөх хайа боруодатын тааһын бытархай үлтүркэйинэн хас да күн оҥоһуллар. Ол кэнниттэн маандаланы оҥорбут манаахтартан биирдэрэ хас да күн кичэллээхтик оҥорбут маандаланы ыһан, сиппийэн кэбиһэр эбит. Ол эбэтэр бу сиргэ букатыннаахтык кэлбит туох да суох. Барыта уларыйа турар диэн өйдөбүллээх.

Тибет култууратын тарҕатааччылар Дьокуускайга Арт-галереяҕа уон күн устата үлэлиэхтэрэ. Маандала оҥороллорун быыһыгар тэрийээччилэр күндү ыалдьыттарын Саха сирин кэрэ-бэлиэ сирдэринэн күүлэйдэтиэхтэрэ. Ким Тибет медицинэтинэн эмтэниэн, анал үөрэхтээх астролог билгэтинэн бэйэтин дьылҕатын билиэн баҕалаах бу күннэргэ Арт-галереяҕа кэлэн билсиэхтэрин сөп.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0