Дьокуускай куораттааҕы 28-с нүөмэрдээх оскуола-интэринээти аҥаардас үөрэх эрэ оскуолата диир тутах буолуо.
Манна араас төрүөтүнэн төрөппүттэрин кытта бииргэ буолар кыаҕа суох оҕолор үөрэнэллэр. Кинилэр дьиэлэрин курдук олороллор, үөрэллэр-көтөллөр, дьону өйдүүргэ, тулалыыр эйгэҕэ, айылҕаҕа, тыынар тыыннаахха харыстабыллаах сыһыаҥҥа уһуйуллаллар. Элбэх көлүөнэ учуутал, иитээччи маннык тутах дьылҕалаах оҕо хомолтотун, үөрүүтүн тэҥҥэ үллэстэр.
«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Кинилэр сүрэхтэрин сылааһын биэрэн, улахан киһи олоҕор бэлэмнээх буолан тахсалларын туһугар бары билиилэрин, сатабылларын, кыахтарын биэрдэхтэрэ уонна биэрэ сырыттахтара.
«Үтүө Эрэл Дьиэтэ»
Оскуола-интэринээт билигин “Тулаайах уонна төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолорго аналлаах (коррекционнай) уопсай үөрэхтээһин 28-с №-дээх оскуола-интэринээтэ” диэн ааттаах. 150-тан тахса сыл анараа өттүгэр аан маҥнай аһылларыгар –– тулаайах, көрөр-истэр дьоно суох оҕолору иитэр-харайар (приют) сиринэн ааттанара.
Сыл-хонук аастаҕын аайы оскуола кэҥээн, сайдан, ону кытта аата эмиэ уларыйан испитэ: оҕо дьиэтэ, оскуолатааҕы оҕо дьиэтэ, куорат интэринээтэ. Оттон бүгүҥҥү күҥҥэ диэри илдьэ кэлбит 28-с №-дээх оскуола-интэринээт аатын 1966-1967 сс. үөрэх сылыттан ылбыта. Оскуола бастакы дириэктэринэн Л.М. Алантьева анаммыта.
Ол гынан баран, ити анал кумааҕыга, докумуоннарга эрэ суруллар аата. Оттон оскуола кэлэктиибэ, оҕолор бэйэлэрэ бу дьиэлэрин «Үтүө Эрэл Дьиэтэ» диэн ааттыыллар. Чахчы да онтон атыннык ааттаныа суох курдук саныыгын.
Оҕоҕо тапталтан…
Манна чахчы тулуурдаах, ону ааһан, ыарахан дьылҕалаах оҕо туһугар дьиҥ ис сүрэхтэриттэн кыһаллан, кинилэр кыһалҕаларын кыһалҕа оҥостон, ытаатахтарына тэҥҥэ ытаһан, үөрдэхтэринэ тэҥҥэ үөрэн, учуутал диэн ааты үрдүктүк тута сылдьар дьон үлэлиир. Сууккаҕа 24 чаас, сылга 365 хонук биир да түгэҥҥэ арахсыбакка бииргэ сылдьыам диэтэххэ, манан аҕай үлэ буолбатаҕа биллэр. Кып-кыраларыттан тулаайах хаалан, олох очурдарыгар оҕустаран, эбэтэр чугас күндү дьонноро таҥнаран, эрэллэрин сүтэрбит оҕолору бэттэх аҕалар элбэх сыраттан, туохха да тэҥнэммэт сүҥкэн үлэттэн, сүрүнэ, оҕоҕо тапталтан тахсарын ким барыта өйдүүр.
Бу оскуолаҕа сыл аайы 70-нуу оҕо интэринээккэ олорон үөрэнэр. Дьиэлэрэ ыраас, сырдык, сылаас. Хас биирдии бөлөх (манна дьиэ кэргэн диэн ааттыыллар) туох эрэ уратылаах, тус-туһунан дьарыктаах. Иитээччилэрин олус истиҥник ийэбит диэн ааттыыллар.
Бары да бастыҥнар
Оскуола-интэринээт үлэтигэр олоҕун аҥаарын биэрбит, 30 сыл дириэктэрдээбит Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала, норуот үөрэхтээһинин туйгуна Алла Слободина туһунан ахтан ааһар тоҕоостоох.
Үрдүк култууралаах, дириҥ билиилээх, салайар дьоҕурдаах, бэйэтигэр уонна үлэһиттэригэр ирдэбиллээх салайааччы биир санаалаахтарын сөпкө түмэн, оскуола иитэр-үөрэтэр базатын оҥорон, бастыҥнар кэккэлэригэр тахсыбыта, оҕолорго сылаас уйа буолбута. Учууталлар, иитээччилэр бары идэлэрин сөпкө талбыттара, баһылаабыттара, сүрүнэ, оҕону таптыыллара, кини дьылҕатыгар ис сүрэхтэн ыалдьаллара киһини сөхтөрөр. Үгэс быһыытынан, бастыҥтан бастыҥнары ааттыахха сөбө эбитэ буолуо да, уустук иитиилээх оҕолору кытта тэҥҥэ үлэлии сылдьар дьон бары да бастыҥнар аатыраллар дии саныыбын.
Билигин оскуола-интэринээти СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ Ирена Слепцова салайар.
Оскуола ыытар үлэтэ олус киэҥ. Сылын аайы манна базаланан өрөспүүбүлүкэ уонна куорат коррекционнай оскуолаларын учууталларын сэминээрэ ыытыллара үгэскэ кубулуйда. Ону сэргэ, ХИФУ устудьуоннара быраактыкаларын барар былаһааккалара эмиэ манна баар. Тоҕо диэтэххэ, бу оскуола-интэринээт үлэтин уопута “Дойду каадырдарын кыһыл көмүс фондата” диэн Бүтүн Арассыыйатааҕы энциклопедияҕа киирбитэ олус элбэҕи этэр.
Оҕолор олоххо, үтүөҕэ-кэрэҕэ тардыһыылара олус күүстээх. Коррекционнай оскуолалар икки ардыларыгар ыытыллар араас таһымнаах куонкурустарга, күрэхтэргэ, фестивалларга мэлдьи кытталлар, бириистээх миэстэлэргэ тиксэллэр. Оскуола, интэринээт иһинэн оҕону сайыннарар араас таһымнаах тэрээһиннэр бииртэн биир солбуһан, ыытыллан иһэллэр.
Бары идэлэрин булаллар
Биллэн турар, урукку өттүгэр көрүүтэ-истиитэ суох буоланнар, үгүстэрэ доруобуйалара мөлтөҕө биллэр. Онон, оҕо доруобуйатын тупсарыыга улахан үлэ ыытыллар. Ити кэлэктиип үлэтин биир сүрүн хайысхатынан буолар. Дьокуускайга уонна Арассыыйа атын куораттарыгар санаторийдарга, доруобуйаны чөлүгэр түһэрэр кииннэргэ ыытан эмтэтэллэр. Сайын аайы Сочига, Анапаҕа, Владивостокка, Крымҥа бараллар.
Маны таһынан, Покровскайдыыр айан суолугар, айылҕа кэрэ муннугар, “Труд” диэн даачалаахтар, онно тахсан дуоһуйа сынньаналлар, үлэлииллэр.
Хаһыс да сылын оскуолаҕа “VIII көрүҥнээх оскуола-интэринээт иитиллээччилэрин бэйэни бас билинэр олоххо бэлэмнээһин” диэн экспериментальнай үлэ ыытыллар. Ол чэрчитинэн икки научнай-методическай хомуурунньук таҕыста.
Дьэ, ити курдук үлэлээн-хамсаан, олус түбүктээх үлэлэрин түмүгэ хайдаҕый диир эбит буоллахха, интэринээт иитиллээччилэрэ бэрээдэги кэһиилэрэ суоҕун тэҥэ. Кэнники сылларга биир да оҕо сааһын ситэ илик оҕолор буруйу оҥорууларын хамыыһыйатын учуотугар турбата. Интэринээттэн мээнэ баран хаалыы эмиэ суох.
Маннык оскуола-интэринээттэр бүтэһик соруктара тугуй? Ол – оҕо олоххо бэлэмнээх буолан тахсара, дьону кытта уопсай тылы булан, үлэлээн, дьон ортотугар сиэрдээхтик сылдьара буолар.
Оскуола бүгүн үлэтин көрдөрүүтүнэн киэн туттар. Оскуолаттан тахсыбыт оҕолор 100% идэ булунна, 44% дьиэ-уот тэриннэ, уопсастыбаҕа миэстэлэрин сатаан буллулар. Бу оҕо дьиэтигэр үрдүк көрдөрүү.
“Улахан, эппиэттээх дьыаланы эрэммиттэрин чиэстээхтик толоробут, толоруохпут, иннибит хоту чиҥник хардыылыыбыт. Иитэр оҕолорбут атын оҕолортон итэҕэс санамматтарын курдук өйү-санааны олохсутан, сүтэрбиттэрин булан, олоххо эрэллээх тахсалларын ситиһэргэ бары күүспүтүн салгыы ууруохпут”, — дииллэр бүгүн оскуола-интэринээт бары үлэһиттэрэ.
Оҕолор кэпсииллэр:
Герасимов Константин, 2017 с. оскуоланы бүтэрээри сылдьар:
– Бу оскуолаҕа кэлиэм иннинэ үөрэммэтим тэҥэ этэ. Элбэхтик көтүтэрим, уруокка сүгүн олорботум, үлэлиэхпин баҕарбат этим.
Хаһыс да сылбын манна олорон, сыыһа гыммыт эбиппин диэн өйдөөтүм уонна бу оскуолаҕа кэлбиппиттэн олус үөрэбин. Миэхэ үчүгэй-куһаҕан диэн тугун өйдөттүлэр, дьулуурга, үлэҕэ үөрэттилэр, бэйэм кыахпар эрэли үөскэттилэр. Элбэх олимпиадаларга, күрэхтэргэ, куонкурустарга кытынным, кыайыы диэн тугун, онтон дуоһуйууну биллим.
Бусоедов Андрей, оскуоланы бүтэрээри сылдьар:
—Урут ийэбин кытта олорбутум да, миэхэ ким да кыһаллыбат этэ. Кини бардаҕына, соҕотоҕун хаалааччыбын. Атаҕым ыалдьар этэ. Таҥнар таҥаһым, атахпар кэтэрим туох да суоҕа.
Ол курдук, 12 сааһым буолуор диэри оскуолаҕа үөрэммэтэҕим. Оҕолорго наһаа ымсыырарым. Онтон биир үтүө күн 28-с оскуола-интэринээккэ аҕалбыттара. Дьэ, манна саҕаламмыта, дьиҥнээх олох – олоҕум тосту уларыйбыта. Миигин маҥнайгынан Надежда Матвеевна көрсүбүтэ уонна атахпын эмтиир туһунан эппитэ. Туйаара Егоровна иитээччилээх иккис дьиэ кэргэн бөлөҕөр тиксибитим. Оҕолор көмөлөһөн киирэн барбыттара. Кинилэри ситэр инниттэн элбэхтик дьарыктанар наада буолбута. Онно барытыгар иккис ийэм буолбут Туйаара Егоровна уонна оҕолор көмөлөрө олус улахана.
Манна киирбит бастакы күммүттэн киһи киһиэхэ үтүө сыһыанын аан бастаан билбитим, болҕомтоҕо ылыллыбытым. Мин тугу эмэ ситистэхпинэ, бары ис сүрэхтэриттэн үөрэллэрэ.
Атахпар хас да эпэрээссийэни оҥорбуттара. Ол түмүгэр билигин сөптөөх атах таҥаһын кэтэр буоллум.
Быйыл оскуоланы бүтэрэбин. Олохпун сатаан олоруом, салгыы үөрэниэм диэн билэбин. Өскөтүн туохха эмэ ыарырҕаттахпына даҕаны, интэринээппэр кэлиэм, көмөлөһүөхтэрэ, сүбэлиэхтэрэ диэн бүк эрэнэбин.
х х х
Ити курдук, махтал суруктар тохтообокко киирэ тураллар, ол эбэтэр иитэн, үөрэтэн-такайан, олохторун суолугар киллэрэн биэрбит учууталарыгар махталлара муҥура суох.
Евдокия ЮМШАНОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru