Дьокуускайга үтүө үгэскэ кубулуйбут тэрээһин буолла

Ааптар: 
07.08.2017
Бөлөххө киир:

Атырдьах ыйын 4 – 6 күннэригэр киин куорат Орджоникидзе аатынан болуоссатыгар үгэс буолбут сибэкки дьаарбаҥката буолла. Сыллата ыытыллар тэрээһиҥҥэ биирдиилээн урбаанньыттар, атыы-эргиэн кииннэрэ, саадынан, оҕуруотунан дьарыктанааччылар кытыннылар.

edersaas.ru


Дьаарбаҥкаҕа сылдьыбыт дьон биир дьарыктаахтарын кытта ирэ-хоро сэлэстилэр, селекция тиһэх сонуннарын кытта билистилэр, даачаларыгар, тэлгэһэлэригэр таһырдьааҥы, дьиэтээҕи сибэккилэри, мастары хото атыыластылар, Саха сиригэр суох, сыттыын-сымардыын ураты, көрүөхтэн дьикти араас үүнээйилэри көрөн харахтарын сымнаттылар.

Дьокуускай куорат тэриллибитэ 385 сылыгар анаммыт тэрээһин бастыҥнарыгар “Бастыҥ композиция”, Сибэккини үүннэрии саҥа ньымалара”, «Экзотикс-Микс”, “Сибэкки креатива”, “Сибэкки өҥүн дьүөрэлээһин” номинациялар туттарылыннылар.

Роман ПОПОВ, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0