Сааскы сынньалаҥы көрсө 19-с төгүлүн ыытыллар ыччаты идэҕэ туһаайар эспэдииссийэни “Саха ыччатын – производствоҕа (промышленноска)” «Эдэр саас» таһаарыы уонна «Мин – Инженербин» уопсастыбаннай тэриллии уон тохсус төгүлүн ыытаар. Бырайыак бу нэдиэлэттэн сэттэ күннээх эспэдииссийэҕэ турунна. Быйыл оҕолор Дьокуускай куорат уонна чугас сытар улуустар оҥорон таһаарыынан дьарыктанар бырамыысыланнас тэрилтэлэрин үлэлэрин кытта билсиэхтэрэ, элбэҕи билиэхтэрэ-көрүөхтэрэ.
Өрөспүүбүлүкэ араас улууһуттан – Чурапчыттан, Амматтан, Уус Алдантан, Тааттаттан, Хаҥаластан, Бүлүүттэн, Намтан, Горнайтан уонна Дьокуускайтан сылдьар сүүрбэ онус кылаас үөрэнээччилэрэ тустаах викторина ыйытыктарыгар хоруйдаан, тутар хамыыһыйа тургутугун ааһан, бу улахан тэрээһиҥҥэ кыттар чиэстэннилэр.
Бырайыак сүрүн сыала — ыччаты идэҕэ туһаайыы. Эспэдииссийэ кыттыылаахтара араас эбийиэктэр үлэлэрин кытта билсэн, баараҕай тутуулары иһиттэн-таһыттан көрөн, интэриэһинэй үлэлээх дьоннуун алтыһан, инники идэлэрин сөпкө быһаарыналларыгар тирэх оҥостоллоро саарбахтаабаппыт.
Чаҕылхай күннээх сарсыарда, кулун тутар 25 күнүгэр, эспэдииссийэ кыттыылаахтарын атаара СӨ ыччат дьыалаларыгар уонна социальнай коммуникацияларга миниистирэ Степан Саргыдаев, СӨ үөрэххэ уонна наукаҕа миниистирин солбуйааччы Владимир Тихонов, “Сахатранснефтегаз” гаас сүрүн ситимин көрөр-харайар салалтатын сүрүн инженерэ, “Ил Түмэн” норуодунай дьокутаата Павел Ксенофонтов, “Водоканал” ууну хаайар уонна ыраастыыр ыстаансыйатын начаалынньыга Аян Уваров, “Сахамедиа” холдинг генеральнай дириэктэрэ Алексей Чертков, “Саха сирэ”, хаһыат сүрүн эрэдээктэрэ Родион Кривогорницын кэллилэр. Кинилэр “Саха ыччатын – производствоҕа (промышленноска)” бырайыакка кыттар ыччакка – оскуола оҕолоругар инники идэлэрин талалларыгар эспэдииссийэттэн ылар билиилэрэ төһүү күүс буоларыгар, өрөспүүбүлүкэҕэ туһалаах дьон буолан тахсалларыгар, элбэҕи билэллэригэр-көрөллөрүгэр баҕардылар.
Быйыл бырайыакпыт ыырын кэҥэтэн, оҕолору бырамыысыланнаска эрэ буолбакка, оҥорон таһаарыы бары эйгэтин билиһиннэрэр сыалтан, “Саха ыччатын – производствоҕа” диэн ааттаатыбыт. Ол курдук, бырагыраама чэрчитинэн, оҕолор бастакы күн Дьокуускайдааҕы ГРЭС-2, “Сахатранснефтегаз” гааһы тарҕатар ыстаансыйатыгар, “Водоканал” ууну хаайар уонна ыраастыыр саҥа ыстаансыйатыгар уонна «Энергосберегающие технологии»хампаанньаҕа сырыттылар.
Аны хаалбыт күннэргэ бырайыак кыттыылаахтара “Якутуголь” Кангаласстааҕы филиалыгар, “Саюри” хампаанньаҕа, “Якутия” технопааркаҕа, IT-пааркаҕа, Аллараа Бэстээхтээҕи тимир суол ыстаансыйатыгар уо.д.а. тэрилтэлэр интэриэһинэй эбийиэктэрин көрүөхтэрэ.
Айтана Аммосова,
«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru,
СИА хаартыскалара.