Дьокуускайга Семен, Софрон Даниловтар үбүлүөйдэригэр сибэкки дьөрбөтүн уурдулар
Бүгүн, муус устар 19 күнүгэр, Дьокуускайга норуодунай поэт уонна суруйааччы ини-бии Семен, Софрон Даниловтар үбүлүөйдэригэр аналлаах тэрээһин кинилэр пааматынньыктарыгар сибэкки дьөрбөтүн уурууттан саҕаланна.
Быйыл уопсастыбаннас өрөспүүбүлүкэ 100 сыллаах үбүлүөйүн кытары тэҥҥэ Софрон Петрович төрөөбүтэ 100 сылын бэлиэтиир. Норуодунай суруйааччы 1922 сыллаахха муус устар 19 күнүгэр күн сирин көрбүтэ. Оттон Семен Петрович 1917 сыллаахха кулун тутар 20 күнүгэр төрөөбүтэ. Быйыл кини төрөөбүтэ 105 сылын туолла.
СӨ култууратын уонна духуобунай сайдыытын миниистирэ Юрий Куприянов иһитиннэрбитинэн, Семен, Софрон Даниловтар үбүлүөйдэринэн өрөспүүбүлүкэ 100 сыллаах үбүлүөйдээх тэрээһиннэрэ саҕаланаллар. Кинилэр суруйааччы, поэт эрэ буолбакка, уопсастыбаннай, судаарыстыбаннай деятель быһыытынан биллэллэр, өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннаһын сайдыытыгар киллэрсибит кылааттара сүҥкэн.
Судаарыстыбаннай сүбэһит Андрей Борисов: “Убайдыы-бырааттыы Даниловтар судаарыстыбаннай деятель быһыытынан өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар сүҥкэн улахан кылааты киллэрсибиттэрэ. Үлэлэринэн-хамнастарынан дьонноругар-сэргэлэригэр хайа да кэмҥэ, хайа да түгэҥҥэ күүс-көмө, тирэх буола сылдьыбыттара. Билигин да кинилэр ааттарын кэлэр кэнчээри ыччат уостан түһэрбэккэ ааттыыр”, – диэн бэлиэтиир.
Софрон Данилов 1979 сыллаахха Семен Петрович кэнниттэн Суруйааччылар сойуустарын салайан илдьэ хаалбыта. Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Наталья Харлампьева иһитиннэрбитинэн, быйылгы үбүлүөйдээх сылга саха норуотун духуобунай лидердэрин төрөөбүт күннэрэ өссө суолталанан тахсар. “Семен Петрович, Софрон Петрович үлэлэрэ-хамнастара ааспыт уонна билиҥҥи эдэр көлүөнэ суруйааччылары ситимнии турар. Кинилэр биһиги классик суруйааччыларбыт ааттарын тилиннэриигэ хайдахтаах курдук күүскэ үлэлээбиттэрэй, кинилэр тустарыгар хайдахтаах курдук охсуспуттарай? Билигин олоҥхобут ЮНЕСКО култуурунай нэһилиэстибэтэ буолла диэн киэн туттабыт. Ол барыта Семен Петрович үлэлэриттэн ситимнэнэн тахсар. Софрон Петрович судаарыстыбаннас сайдыытыгар, норуотун туһугар соҕотоҕун кэриэтэ охсуспут түгэннэрэ өрөспүүбүлүкэбит историятыгар бааллар. Аҥаардас саха омук конгреһыгар анаан суруйбут дакылаатын ылан көрүҥ. Бүгүн кини суруйууларын, үлэлэрин ыччат хат ылан ааҕыан наада”, – диэн этэр Наталья Ивановна.
Ини-бии Даниловтар төрөөбүт дойдуларыгар Горнайга кинилэр ааттарын уостан түһэрбэккэ ааттыыллар. Улуус баһылыга Никита Андреев бэлиэтээбитинэн, Горнайга куруутун Даниловтар ааттарынан уус-уран ааҕыы, литературнай куонкурустар ыытыллаллар. Софрон Петрович үлэлэрин таһаарыыга, сырдатыыга кини кэргэнэ Мария Егоровна ылар оруола улахан. “Мария Егоровна Софрон Петрович үлэлэрин түмэн, ааҕааччы киэҥ араҥатыгар таһааран үйэтиппитэ. Бу буолар сүрэҕин аҥаарыгар бэриниилээх буолуу үтүө холобура”, – диэн бэлиэтиир кини.
Софрон Петрович төрөөбүтэ 100 сыллаах үбүлүөйүн ыытыыга көмөлөрүн иһин өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар махтанан туран, Семен, Софрон Даниловтар дьиэ кэргэттэрин ааттарыттан Надежда Софроновна Данилова тыл эттэ. Ийэлээх, аҕатын туһунан истиҥник санаан ааста.
Норуодунай поэт уонна суруйааччы ини-бии Семен, Софрон Даниловтар үбүлүөйдээх күннэрин бэлиэтиир дьоро киэһэ бүгүн Саха театрыгар ыытыллыаҕа.
Аграфена КУЗЬМИНА