Дьокуускайга сахалыы бастакы хаһыаттарга, сурунаалга анаммыт үөрүүлээх тэрээһин буолла

Ааптар: 
21.09.2017
Бөлөххө киир:

Саха бэчээтин устуоруйатыгар быйылгы дьыл кэрэ-бэлиэ дааталарынан баай буолла. Ол курдук, бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннаһа сахалыы суруналыыстыка төрүттэниитигэр бастакы олугу охсубут “Саха дойдута” хаһыат – 110, национальнай литэрэтиирэ үөскээһинигэр сүүнэ суолталаммыт “Саха саҥата” сурунаал тахсыбыттара 105 сылларын бэлиэтиир. Бэҕэһээ, балаҕан ыйын 20 күнүгэр, П.А. Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырыгар Ил Түмэн тэрийиитинэн ыытыллыбыт саха суруналыыстыкатын эркээйилэринэн буолбут “Саха дойдута”, “Саха олоҕо” хаһыаттар, “Саха саҥата” сурунаал үбүлүөйдээх сылларыгар анаммыт үөрүүлээх тэрээһин биир тыынынан өрө көтөҕүллүүлээхтик барда.


Мунньахха тыл эппит Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков, СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Михаил Гуляев, филология билимин дуоктара Петр Слепцов, филология билимин хандьыдаата Валентина Семенова, кырдьаҕас суруналыыстар Дмитрий Кустуров, Иван Борисов, СӨ судаарыстыбаннай сүбэһитэ Андрей Борисов, СӨ Суруналыыстарын сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Афанасий Ноев, “Чолбон” сурунаал сүрүн эрэдээктэрин бастакы солбуйааччы Гаврил Андросов, филология билимин хандьыдаата Михаил Алексеев-Дапсы мустубут дьону саха устуоруйатын биир дьоһун сабыытыйатынан эҕэрдэлээтилэр, “Саха дойдутун”, “Саха олоҕун”, “Саха саҥатын” иилэспит-саҕаласпыт дьон ааттарын махтана аҕыннылар,  саха омук суруга-бичигэ сайдыытыгар оруолларын ыйдылар.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай сүбэһитэ Андрей Борисов Саха тыйаатырын саалатыгар мустубут дьоҥҥо туһаайан, бүгүн, төһө да бары санааҕытын үллэстибэтэргит, өйгүтүнэн-санааҕытынан интеллигенция буоларгыт биллэр, диэтэ.

—  Бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ кыттыы, үөрүүнү үллэстии оччотооҕу интеллигенцияҕа, соторутааҕыта үлэлээн ааспыт интеллигенциябытыгар сүгүрүйүү бэлиэтэ буолар, — диэн бэлиэтээтэ Андрей Саввич.

Роман Попов, “Саха сирэ” хаһыат

Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0