Дьокуускайга — “Үс дьоруойдаах Байаҕантай нэһилиэгин күннэрэ”

26.03.2019
Бөлөххө киир:

2019 сыл Уус Алдан улууһугар Дьоруойдар сыллара биллэриллибитэ мээнэҕэ буолбатах. Улуус олохтоохторо 8 дьоруойдаахтарынан киэн тутталлар. Кинилэртэн үс дьоруой — Байаҕантай нэһилиэгин дьоно.

edersaas.ru


Кулун тутар 25-29 күннэригэр “Үс дьоруойдаах Байаҕантай нэһилиэгин күннэрэ” Дьокуускайга ыытыллаллар. Бэҕэһээ үөрүүлээх тэрээһиннэр Дьокуускай куоракка Тутуу ырыынагын быыстапкалыыр саалатыгар арылыннылар.


Күннэри үөрүүлээхтик аһыы сиэригэр-туомугар биир дойдулаахтар уонна ыҥырыылаах ыалдьыттар муһуннулар. Ыалдьыттары сахалыы сиэринэн, урааҥхайдыы үгэһинэн уруйдаан, Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын артыыһа Юрий Афанасьев сахалыы алгыһынан, кыынньар кымыһынан, арыылаах алаадьынан көрүстэ.
Аҕа көлүөнэ килбиэннээх олохторун үйэтитэргэ анаммыт Күннэри үөрүүлээхтик аһыы сиэригэр-туомугар тандалар ытык киһилэрэ, Үлэ Дьоруойа Михаил Готовцев, СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) норуодунай дьокутаата Геннадий Васильев, оройуон улуустааҕы сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Иван Колодезников, улуус култуураҕа управлениетын начаалынньыга Иннокентий Аммосов уо.д.а. кытыннылар.

Танда нэһилиэгин баһылыга Савва Егоров Байаҕантай күннэрэ аһыллыбытынан эҕэрдэлээн туран, күннэри ыытыыга үлэлии-хамсыы сылдьар аҕа саастаах дьонноругар, маастардарга, биир дойдулаахтарыгар ис сүрэҕиттэн махтанна.
Иван Колодезников: “Биһиги Байаҕантай нэһилиэгин дьаһалтатын кытары сүбэлэһэн, Дьокуускайга биир нэдиэлэ устата дойдубут дьонугар Байаҕантайбыт нэһилиэгин олоҕун-дьаһаҕын, үлэтин-хамнаһын, ситиһиилэрин көрдөрөр тэрээһиннэри ыытарга сүбэлэспиппит. Быйылгы дьыл Байаҕантай нэһилиэгэр үс улахан түгэни кытары ыкса ситимнээх. Ол курдук, гражданскай сэрии дьоруойа Хабырылла Дьөгүөрэп төрөөбүтэ — 140, Сэбиэскэй Сойуус дьоруойа Владимир Лонгинов төрөөбүтэ – 100, Дьоруой Егоров аатынан сопхуос тэриллибитэ 45 сыла бэлиэтэнэллэр.
Онон сибээстээн, Дьоруой Дьөгүөрэп төрөөбүтэ 140 сылыгар аналлаах тэрээһиннэр — муус устар 5 күнүгэр Тандаҕа, сопхуос 45 сыллаах үбүлүөйэ – аны сайын ыһыахха, Владимир Лонгинов 100 сыла балаҕан ыйыгар Дьокуускайга, Бороҕоҥҥо уонна Тандаҕа ыытыллыахтара”, — диэн бар дьонун эҕэрдэлээтэ итиэннэ Тутуу ырыынагын генеральнай дириэктэрэ Иван Даниловка, биир дойдулаахтара Афанасий Заболоцкайга, быыстапканы туруорарга көмөлөспүт «Хотугу сулус» телеакадемия салайааччыта Татьяна Гоголеваҕа махтанна.

Биир дойдулаахтара Семен Посельскай “Култуура эйгэтин мецената” номинация кыайыылааҕын бэлиэтин Афанасий Заболоцкайга туттарда.
Афанасий Заболоцкай:
“Биһиги быыстапкалыыр саалабытыгар араас дьаһаллар хаһыс да сылын буолаллар. Икки нэдиэлэ анараа өттүгэр бээрийэлэр кэлэн, биир дойдулаахтарын көрсөн, ахтылҕаннарын таһааран барбыттара көрүөххэ үчүгэйэ бэрдэ. Онтон бүгүн эһиги, биир дойдулаахтарым, кэлбиккититтэн икки бүк үөрэбин. Манна ыччаттарбыт, кырдьаҕастарбыт, үлэлии сылдьар дьоммут көрсөн, төрөөбүт дойдуларыгар туох эмэ туһалааҕы оҥорорго биир санааҕа кэлэллэр. Төрөөбүт дойдубут, Байаҕантайбыт, сайда турдун, куруутун дойдубутун ахта-саныы сылдьыаҕыҥ”, — диэн эҕэрдэ тылын тириэртэ.
Быыстапкалыыр саалаҕа, биллэн турар, биир сүрүн миэстэни бүгүҥҥү үөрүүлээх күнү кэрэһилиир сүдү хартыына ылла. Бу хартыынаны Тандаттан төрүттээх Иван Готовцев, Петр Степанов сакаастаан оҥортороннор, биир дойдулаахтарыгар бэлэх ууннулар. Иван Готовцев Танда үс Дьоруойун Таатта улууһуттан төрүттээх, Корякиннардиэн худуоһунньуктар династияларын кыра уоллара Иннокентий Корякин холустаҕа түһэрбитин бэлиэтээн эттэ.

-“Дьоруойдар алгыстара” диэн хартыынабыт үс түһүмэхтэн турар. Бастатан туран, хартыынаҕа төрөөбүт Тандабытын көрө түһэбит. Тандабыт үрдүгэр үс дьоруойбут турар. Аны кэрэ-бэлиэ үрэхпит үрдүнэн туллук үөрэ ааһан иһэр. Туллуктар киэн туттар дьоруойдарбыт санааларын, алгыстарын билиҥҥи ыччаттарга тиэрдэр аналлаахтар. Бу хартыынабытын Танда мусуойугар биэрэбит”, — диэн бар дьонун үөртэ, долгутта.

Күннэри үөрүүлээхтик аһыы-сиэрин туомун кэнниттэн тута “Танда – талааннаахтар түөлбэлэрэ” уус-уран быыстапка уонна ас-үөл дьаарбаҥката буолла. Быыстапкаҕа Бороҕонтон, Тандаттан, Намтан, Тааттаттан уонна куоракка олорор биир дойдулаахтарын талааннаах үлэлэрэ туруорулуннулар.

Үтүө-мааны бырааһынньыгынан биир дойдулаахтара Савва Вензель, Екатерина Готовцева уо.д.а. ылбаҕай ырыаларынан эҕэрдэлээтилэр.

“Үс дьоруойдаах Байаҕантай нэһилиэгин күннэрэ” кулун тутар 29 күнүгэр улахан кэнсиэринэн түмүктэниэхтэрэ.

Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0