Бүгүн Дьокуускайга Россия консультативнай сэбиэтин уонна Япония либеральнай-демократическай партиятын дискуссионнай сэбиэтин кыттыгас үһүс мунньахтарыгар Россия уонна Япония бииргэ үлэлэһэргэ меморандум түһэристилэр. Меморандумҥа РФ Федерациятын Сэбиэтин тас дойдулар дьыалаларыгар кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Константин Косачев уонна Япония экономикатын миниистирэ Хиросигэ Сэко илии баттаатылар.
Константин Иосифович киирии тылыгар бу үһүс мунньах Саха сиригэр ыытыллара ураты суолталааҕын бэлиэтээтэ. “Бүгүн Саха сиригэр көрсүбүппүт, Россия уонна Япония бииргэ үлэлээһиннэригэр үһүс мунньахпытын манна ыытарбыт ураты суолталаах. Историяттан ыллахха, XVIII үйэ саҕаланыыта Саха сиринэн Япония олохтооҕо Россияҕа аан бастаан Петр I кытары көрсө барбыта биллэр”, — диэн бэлиэтиир кини.
Манна даҕатан эттэххэ, 2016 сыллаахха РФ президенэ Владимир Путин уонна Япония премьер-миниистирэ Синдзо Абэ бииргэ үлэлэһэргэ аҕыс пууннаах былааны ылынан тураллар. Оттон бу бүтэһик көрсүһүүлэригэр быйыл ыам ыйыгар икки дойду лидердэрэ Россияҕа Япония, Японияҕа Россия сылларын биллэрбиттэрэ.
“Бу маннык хардарыта туһааннаах сыллары биллэрэрбит ураты суолталаах. Ол чэрчитинэн араас тэрээһин ыытылынна. Экономическай да, социальнай да, гуманитарнай да өттүгэр үлэ барда. Инникитин да ыаллаһа олорор дойдубутун кытары араас бырайыакка үлэлэһэр былааннаахпыт”, — диэн иһитиннэрэр мунньах кэмигэр Константин Иосифович.
Бүгүҥҥү мунньахха этиллибит боппуруостар туһунан этэригэр кини икки дойду лидердэрэ сотору-сотору көрсөллөрө, бырабыыталыстыбалар икки ардыларыынаҕы хамыыһыйа кэпсэтиитэ, туһааннаах биэдэмистибэлэр үлэлэһиилэрэ эмиэ улахан суолталааҕын бэлиэтээтэ. Итини этэн туран кини от ыйын 22-24 күннэригэр Япония Сүбэһиттэрин палаататын бэрэссэдээтэлэ Тиюти Датэ кэлэн РФ Федерациятын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин Валентина Матвиенконы кытары көрсүөхтээҕин иһитиннэрдэ.
Мунньах түмүгэр Россия Японияны кытары үлэлэһэр консультативнай сэбиэтэ уонна Япония парламенын сүбэһиттэрин палаататын Либеральнай-демократическай партиятын Россияны кытары үлэлэһэр дискуссионнай кулууба меморандум түһэристилэр.
Түмүккэ Хиросигэ Сэко: “Япония уонна Россия сыһыаннаһара биир кэлимник сайдан иһэр. Мин миниистир быһыытынан, бииргэ үлэлэһиигэ былааннаммыт 8 пууну олоххо киллэриигэ үлэлэһэбин. Билигин номнуо 130-тан тахса бырайыак үлэлии турар. Биир сүрүн хайысхабытынан Уһук Илин регионнарга үлэбит буолар. Саха сиригэр хас да бырайыак үлэлии турар. Ону сэргэ өссө бырайыактарга үлэлэһэр санаалаахпыт. Парламеннар икки ардыларыгар үлэлэһии икки дойдулар сыһыаннарыгар, биллэн турар, суолтата улахан. Ол иһин бүгүн меморандум түһэрсиибит инники үлэбитигэр төһүү күүс буолар”, — диэн этэр.
Аграфена КУЗЬМИНА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru.