Былырыын Саха сирин үрдүнэн, уопсайа, 33 саҥа үөрэх тэрилтэтэ тутуллубут, атыылаһыллыбыт. Итинтэн сороҕо Дьокуускай куоракка. Онон сибээстээн, бэҕэһээ Оҕо айымньытын дыбарыаһыгар үөрэх тэрилтэлэрин үлэһиттэригэр аналлаах дьаарбаҥка аан маҥнайгытын тэрилиннэ. Манна куораттан 32 тэрилтэ кытынна.
edersaas.ru
Тэрийээччилэр бэлиэтииллэринэн, дьаарбаҥкаҕа 32 тэрилтэ 152 үлэ миэстэтин таһаарбыт, уопсайа, 2000 кэриҥэ киһи сылдьыбыт. Ордук алын кылаас учууталлара, иитээччилэр, муусука учууталлара итиэннэ логопедтар ирдэнэллэр эбит.
Үчүгэйэ диэн, бастатан туран, тэрилтэ салайааччылара үлэ көрдөөччүнү кытта тус бэйэлэринэн кэлэн кэпсэтэн, сөбүлэҥ түһэрсибиттэр. Ол түмүгэр 50 педагог үлэҕэ ылыллыбыт. Иккиһинэн, үлэ көрдөөччү тэрилтэлэринэн сүүрбэккэ, биир сиргэ хас даҕаны тэрилтэ туһунан туоһулаһар, сэһэргэһэр усулуобуйатын олохтообуттар.
Манна даҕатан эттэххэ, куорат 203-с микро-оройуонугар 315 миэстэлээх, 21 бөлөхтөөх “Цветик-семицветик” уһуйаан Саҥа дьыл иннинэ эрэ үөрүүлээхтик аһыллыбыта, сотору кэминэн үлэтин саҕалыахтаах. Сэбиэдиссэй Надежда Климовская, үксэ иитээччилэр, педагог-психолог уонна оҕолору ууга сатаан харбыырга үөрэтэр инструктор ирдэнэллэрин туһунан иһитиннэрдэ.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: интэриниэттэн