Дьокуускайга пляж үлэтин саҕалаата

Ааптар:  Евгения Петрова
21.06.2024
Бөлөххө киир:
Евгения Петрова хаартыската

Дьокуускайга  бэс ыйын 17 күнүттэн  202 түөлбэҕэ  пляж үлэтин саҕалаата. Ол гынан баран, өрөмүөн үлэтэ салгыы ыытыллар турар.

Пляж быйыл дьон-сэргэ сылдьарыгар ордук табыгастаах буолбут.  Ол курдук, дьон  пляжтан ыраастык баралларыгар анаан, атах суунар сир тахсыыга баар. Маны таһынан  быыһыыр тэриллээх щиттар, вышкалар бааллар. Таҥас уларыттар кабинкалар оҥоһуллубуттар.  Ас атыылыыр ларектар, кыра маҕаһыыннар бааллар. Велопрокат эмиэ баар. Өссө сотору душ кабинкалара уонна сөтүөлүүр тэриллэри арендалыыр сир тутуллуохтаах.

Пляж аттытыгар эмиэ өрөмүөн үлэтэ ыытылла турар. Бырайыак былаанынан амфитеатр, оҕо оонньуур уонна спортивнай  былаһааккалар баар буолуохтаахтар.

Пляж сарсыарда 9:00 чаастан киэһээ 21:00 чааска диэри үлэлиир.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0