Дьокуускай куорат уулуссаларыгар үс сылынан ПАЗ-ик оптуобус сүүрэ сылдьарын көрүөххүт суоҕа.
Бу туһунан Дьокуускай мэрэ Айсен Николаев саҥа дьыллааҕы пресс-конференциятыгар иһитиннэрдэ. Сыл устата бииргэ үлэлэспит суруналыыстарыгар махтанна. Блокнот, халандаар бэлэхтээтэ, суруналыыстары сибиэһэй фруктанан күндүлээтэ.
— Үс сылынан ПАЗ-иктар суох буолалларын ситиһиэхпит. Кытай оптуобустара пазиктардааҕар 1,5 төгүл киэҥнэр, сыаната миэ 1,5 төгүл чэпчэки. Биһиги “ЯПАК” тэрилтэбит тоҕус сорунан тас дойдулар техникаларын атыылаһар. Мэһэйдиир сокуоннар бааллар. Россия бэйэтин техниката тастан киирээччитээҕэр лаппа ыарахан. Федеральнай бюджеттэн субсидияланар эр буолан атыылаһабыт.
Прокопий БУБЯКИН.
P.S. Мэр тоҕо пазиктарбытыгар кыыһырда диир буоллахха, киин регионнарга бу оптуобустар куорат иһигэр сүүрбэт буолбуттара ыраатта. ПАЗ-ик ыраах сирдэргэ айанныырга анаммыт үрдүк, батыллыбат техника. Куорат иһигэр туһанарга табыгаһа суох – үрдүгэ бэрт буолан кырдьаҕастар тахсалларын ыарырҕаталлар, кыараҕас буолан сарсыарда-киэһэ дьон баппат үлүгэрэ.
Куорат оптуобуһунан айан (ВИДЕО):