Дьокуускайга паллиативнай стационар аһылынна

Бөлөххө киир:

Аҕам саастаахтар күннэринэн Дьокуускайга паллиативнай стационар аһылынна. Дьокуускайга саҥа паллиативнай стационар – ол эбэтэр аҕам саастаахтарга аналлаах сиэстэрэлэр көрөр-истэр салаалара Өрөспүүбүлүкэтээҕи 3-с №-дээх балыыһаҕа аһылынна.

Саҥа стационар ыарахан туруктаах ыарыһахтарга аналлаах 15 куойкалаах. Манна деменциялаах, Альцгеймер курдук олохсуйбут ыарыылаах, инсульт түмүгэр төбөлөрүгэр хаан эргиирэ бытааран ыалдьыбыт дьон уонна бэйэлэрин сатаан көрүммэт аҕам саастаахтар эмтэниэхтэрэ. Стационар түүннэри-күнүстэри үлэлиэҕэ.

Вице-премьер Ольга Балабкина бэлиэтээбитинэн, бу паллиативнай көмө, чөлүгэр түһэрии систиэмэтин иһинэн Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ анал этиитин чэрчитинэн оҥоһуллубут дьоһун ситиһии буолар. «Паллиативнай көмө мэдиссиинэ уонна социальнай өттүнэн аҕам саастаах дьон ыарыыларын үмүрүтэр уонна ыалдьар киһилээх дьиэ кэргэҥҥэ улахан көмөнү оҥорор», — диэн Ольга Балабкина этэр.

«Долгожить» исписэлиистэрэ номнуо «Паллиативнай ыарыһахтар аймахтарыгар дьиэҕэ көрүү оскуолата» диэн социальнай бырайыагы саҕалаатылар.

Ульяна ЗАХАРОВА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0