Дьокуускайга «Оскуола дьаарбаҥката» үлэтин саҕалаата

Ааптар: 
07.08.2018
Бөлөххө киир:

Күһүн ахсын баччаларга, үүнэр үөрэх дьылын көрсө киин куоракка, Хомсомуол болуоссатыгар, оскуола дьаарбаҥката тэриллэр үгэстээх. Быйылгы дьаарбаҥка үлэтин саҕалаата.

— “Оскуола дьаарбаҥката” атырдьах ыйын 6 күнүттэн балаҕан ыйын 7 күнүгэр, сарсыарда 10 чаастан киэһэ 7-ҕэ диэри үлэлиэҕэ. Анал маҕаһыыннар уонна биирдэм урбаанньыттар оскуола үөрэнээччилэригэр аналлаах таҥаһы-сабы, атын да туттар тэрили, үөрэх тээбиринин киэҥ атыыга таһаардылар. Дьоҥҥо табыгастаах буоларын туһугар суумкалар, үрүсээктэр уонна атах таҥаһын эрээттэрэ түһүлгэ ортотугар оҥоһулуннулар, маны таһынан, уопсастыбаннай аһылык туочукалара тэрилиннэ, — диир киин куорат дьаһалтатын урбааҥҥа, потребительскэй ырыынакка, туризмы уонна тырааныспары сайыннарыыга департаменын начаалынньыга Светлана Василенко.

Дьаарбаҥканы үөрүүлээхтик арыйыы сиэрэ-туома атырдьах ыйын 10 күнүгэр күнүс 12 чаастан буолуоҕа.

Раиса СИБИРЯКОВА, “Саха сирэ” хаһыат,  edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0