Бу туһунан Дьокуускай куорат аҕа баһылыга Евгений Григорьев “Сэмсэ кэпсэтии” диэн хаһыаппыт анал бырайыагыгар кэпсээтэ. Интервьюга мээр киин куорат оптуобустарын маршруттарын уонна урут-хойут айанныылларын бэрэдээктииргэ аналлаах үлэ ыытыллан эрэрин туһунан иһитиннэрдэ.
«Чааһынай оптуобустар төһө киһини таспыттарынан хамнас аахсаллар. Ол аата төһөнөн оптуобус толору, соччонон барыһыраллар. Бу — 90-с сыллартан кэлбит балаһыанньа. Хас биирдии маршрут хайаан да икки ырыынагы уонна Ленин проспегын таарыйан айанныы сатыыр.
Быйылгыттан маршруттары уларытан, саҥалыы аттаран туруорар былааннаахпыт. Тырааныспар министиэристибэтин кытта бииргэ үлэлээн, саҥа маршруттары тэрийиэхпит. Уларыйыы киириэхтээҕэ билиҥҥи олох ирдэбилэ. Куорат лаппа кэҥээтэ: саҥа кыбаарталлар, саҥа балыыһалар уонна оскуолалар тутуллаллар. Ити бастакыта. Иккиһинэн, билигин дьон каартанан төлөбүргэ көстө, онон биһиги төһө киһи ханнык кэмҥэ, ханнык маршрукка элбэхтик айаннаабытын барытын быһаарар кыахтаахпыт.
Нэһилиэнньэ үгүс өттө каартанан төлөбүргэ көстөҕүнэ, брутто-хантараак диэни киллэриэхпит. Ол аата оптуобус маршрут саҕаланыытыттан бүтэһигэр диэри этиллибит бириэмэҕэ хайаан да тиийиэхтээх. Тохтобуллар икки ардыларыгар быһа барыллаан алта мүнүүтэ айанныахтаах. Хойутаата да ыстыраап төлүүр.
Пассажирдар каартанан төлөөбүттэрэ барыта уопсай хааһынаҕа хомуллар. Урбаанньыт оптуобуһа ыйга төһө сырыыны сылдьыбытынан көрөн, ыйдааҕы харчыта ааҕыллар. Онно этиллибит бириэмэни тутуһан айаннаабатаҕа эҥин барыта учуоттанар. Ол аата оптуобустаах урбаанньыт муниципалитекка өҥөнү оҥорооччу буолар. Маны барытын ааҕа-суоттуу сылдьабыт, хас саҥа маршрут баар буоларыгар тиийэ. Уопсастыбаннай тырааныспар биир да мүнүүтэни хойутаабакка айанныахтаах, этэргэ дылы, кинилэр сырыыларынан дьон чаһыыларын бэрэбиэркэлиэхтээхтэр”, — диэн Егений Николаевич олус сөптөөх бырайыак быйыл олоххо киириэхтээҕин туһунан иһитиннэрдэ.
Александр Тарасов, «Саха сирэ» хаһыат сирэ