Дьокуускайга — Оҕо көмүскэлин күнэ

01.06.2017
Бөлөххө киир:

Оҕо көмүскэлин күнүгэр Дьокуускайга сарсыардаттан хас болуоссат аайы ырыа-тойук дьиэрэйдэ, оҕо саҥата чаҕаарда, дьоллоох күлүүтэ чугдаарда. Маанытык таҥныбыт, шарик туппут кырачааннар төрөппүттэрин кытта сиэттиспитинэн, бырааһынньыктыы таҕыстылар.

edersaas.ru


Чахчы, хас болуоссат, сквер аайы тэрээһин, кэнсиэр, оонньуу, акция! Кэрэхсэбиллээҕэ диэн, бырааһынньыкка аҥардас куорат дьаһалтата эрэ буолбакка, бөдөҥ тэрилтэлэр, уопсастыбаннай түмсүүлэр көхтөөхтүк кытыннылар, бэйэлэрин бырагыраамаларын ыыттылар. Холобур, “МТС”, “Көмүлүөк”, “Алмаасэргиэнбаан”, Оҕо айымньытын дыбарыаһа, Госавтоинспекция, Улаатан эрэр оҕолор кииннэрэ, “Дьулуур” оҕо хамсааһына, “Сэргэлээх” студия, “Кэскил” оҕо кыһата, “Кыырай”, “Бриллианты Якутии” ансаамбыллар, “Кэрэ ситимэ” хамсааһын, о.д.а. кытыннылар.


Холобур, Оҕо дыбарыаһын иннинээҕи болуоссакка кэнсиэри таһынан, оҕо оонньуур, дьарыктанар, сайдар эйгэтэ тэрилиннэ. Куруһуоктар салайааччылара болуоссакка тахсан, остуоллары туруортаан баран, оҕолору оонньоппутунан, дьарыктаабытынан бардылар. Манна бааллар: саахыматтыы, уруһуйдуу, илиинэн оҥоро олорор, остуол оонньуутунан үлүһүйбүт оҕолор, сирэйдэрин гримнэтэн, үөрэн чаҕылыйбыт кырачааннар, наартаны үрдүнэн ойон эрэр, таба муоһугар маамыктаны быраҕар уолаттар, ох саанан ытыалыы турар, аспаалга уруһуйдуу сылдьар кыргыттар…
Сүрүн тэрээһиннэр Орджоникидзе болуоссатыгар буоллулар. Манна сарсыардаттан куораттааҕы Оҕо балыыһатын үлэһиттэрэ кырачааннар доруобуйаларын бэрэбиэркэлээтилэр. Акция босхо буолан, элбэх киһи муһунна. Манна киэһээҥҥэ диэри тэрээһин тиһигин быспакка ыытылла турар.


Кэлээскэлэр параадтарыгар киһи хараҕа халтарыйар үлүгэрэ! Төрөппүттэр фантазияларын, булугас өйдөрүн сөҕөҕүн эрэ. Остуоруйа дьоруойдара илэ тиллэн кэлбит курдуктар…
Салгыы Ленин проспегынан бардахха, болуоссакка кэнсиэр үгэнигэр тиийэн кэлэҕин. Онтон Киров уулуссатынан баран иһэн, Оҕо Дыбарыаһын, Саха циркэтин иннинээҕи болуоссаттарга кэнсиэр арааһыгар, оонньуу эгэлгэтигэр кыттыахха сөп. Онтон Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар “Щенок” диэн “Тускул” оҕо студиятын иитиллээччилэрэ туруорбут испэктээкиллэрин көрүөххэ сөп.
Комсомольскай болуоссакка тэрилтэлэр бырааһынньык тэрийбиттэр. “Көмүлүөктэр” босхо мороженай, мандариннары, шариктары түҥэтэн, маастар-кылаастары ыытан, “былааһы” ылбыттар.


Оттон паарка иһигэр киһитэ элбэҕиин! Ол эрээри, манна үксүн төлөбүрдээх, онон, буоларын курдук, төрөппүттэр хармааннара тэбэнэ түспүт буолуохтаах.
Оҕолорбут – күҥҥэ көрбүт көмүстэрбит, баар-суох күндү чыычаахтарбыт, утуммутун салгыыр киһичээннэрбит!.. Кинилэр эрэ доруобай, дьоллоох буоллуннар, сөпкө сайдан, улаатан, киһи бэрдэ, дьон үтүөтэ дэттиннэр, төрөппүттэр тапталларыгар сууланан, хаһан да хаҕыс сыһыаны билбэтиннэр…
Ыспыраапка:
Бэс ыйын 1 күнүгэр бэлиэтэнэр Аан дойдутааҕы оҕо көмүскэлин күнэ 1949 сыллаахха Парижка Дьахталлар аан дойдутааҕы демократическай федерацияларын быһаарыытынан ыытыллар буолбута. Ону ХНТ (ООН) өйөөбүтэ. 1950 сылтан киэҥник бэлиэтэнэн барбыта.
Аан дойдутааҕы оҕо көмүскэлин күнэ бэйэтэ былаахтаах. От күөҕэ өҥнөөх, Сир шара ойуулаах, онно биэс оҕо турара араас өҥүнэн уруһуйдаммыт.

Ангелина ВАСИЛЬЕВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскалар: ааптар түһэриилэрэ уонна Интэриниэттэн ылылыннылар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0