Дьокуускайга мас тардыһыытын аан дойдутааҕы чөмпүйэнээтэ саҕаланна

Бөлөххө киир:
Бүгүн, бэс ыйын 23 күнүгэр, Дьокуускай куоракка «Триумф» спорт комплексыгар мас тардыһыытын аан дойдутааҕы чөмпүйэнээтэ саҕаланна.
Спорт комплексыгар аан дойдутааҕы чөмпүйэнээти көрөөрү үгүс киһи муһунна.
Уопсайа күрэхтэһиигэ 40-тан тахса  дойдуттан 200-тэн тахса  спортсмен кыттыахтах.  Чөмпүйэнээт эр дьоҥҥо 9 ыйааһыҥҥа (60, 65, 70, 75, 80, 90, 105, 125, 125 киилэттэн үөһээ), дьахталларга биэс ыйааһыҥҥа (55, 65, 75, 85, 85 киилэттэн үөһээ) ыытыллар.

Бүгүн  10:00-12:30 ч барыллааһын күөн көрсүһүүлэр:

Эр дьон – 60 кг, 80 кг, 105 кг, 125 кг,  125 кг үөһээ;

Дьахталлар – 75 кг, 85 кг,  85 кг үөһээ.

12:30-14:00  ч. эбиэт.

14:00-16:00  барыллааһын уонна полуфиналга күөн көрсүһүүлэр:

Эр дьон  – 60 кг, 80 кг, 105 кг, 125 кг, 125 үөһээ;

Дьахталлар – 75 кг, 85 кг, 85 кг үөһээ.

edersaas.ru

 edersaas.ru
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0