Дьокуускайга мас тардыһыытын аан дойдутааҕы чөмпүйэнээтэ саҕаланна
23.06.2022
Бүгүн, бэс ыйын 23 күнүгэр, Дьокуускай куоракка «Триумф» спорт комплексыгар мас тардыһыытын аан дойдутааҕы чөмпүйэнээтэ саҕаланна.
Спорт комплексыгар аан дойдутааҕы чөмпүйэнээти көрөөрү үгүс киһи муһунна.
Уопсайа күрэхтэһиигэ 40-тан тахса дойдуттан 200-тэн тахса спортсмен кыттыахтах. Чөмпүйэнээт эр дьоҥҥо 9 ыйааһыҥҥа (60, 65, 70, 75, 80, 90, 105, 125, 125 киилэттэн үөһээ), дьахталларга биэс ыйааһыҥҥа (55, 65, 75, 85, 85 киилэттэн үөһээ) ыытыллар.
Бүгүн 10:00-12:30 ч барыллааһын күөн көрсүһүүлэр:
Эр дьон – 60 кг, 80 кг, 105 кг, 125 кг, 125 кг үөһээ;
Дьахталлар – 75 кг, 85 кг, 85 кг үөһээ.
12:30-14:00 ч. эбиэт.
14:00-16:00 барыллааһын уонна полуфиналга күөн көрсүһүүлэр:
Эр дьон – 60 кг, 80 кг, 105 кг, 125 кг, 125 үөһээ;
Дьахталлар – 75 кг, 85 кг, 85 кг үөһээ.
edersaas.ru
edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1