“Дьокуускайга Литератор дьиэтэ тутуллуо…”

Бөлөххө киир:

Кулун тутар 3 күнэ – Суруйааччы аан дойдутааҕы күнэ. Бу күн 1986 сыллаахха олохтоммута. Үгүс дойдуларга бэлиэтииллэр, суруйааччыларын чиэстииллэр.
Саха сиригэр олорор омуктар литературалара аныгы үйэ тэтимигэр хайдах сайдан иһэрий? Суруйааччыларга судаарыстыба өттүттэн туох өйөбүл баарый? Ханнык сүрүн тэрээһиннэр ыытыллалларый? Суруйааччылар солбуктарыгар – эдэр ааптардарга төһө болҕомто уурулларый? Бу туһунан “Саха сирин суруйааччылара” ассоциация бэрэссэдээтэлэ Олег Сидоровы кытта кэпсэттибит.
Ангелина ВАСИЛЬЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru.

— Олег Гаврильевич, Суруйааччы аан дойдутааҕы күнүнэн эҕэрдэлиибин! Литература сылыгар тэриллибит ассоциация үлэтин-хамнаһын, сүрүн тэрээһиннэрин сырдатыаҥ дуо?
— Литература сыла дойду үрдүнэн, чуолаан биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр хамсааһын таһааран, дьон өйүн-санаатын, көҕүн уһугуннаран, элбэх тэрээһиннэр ыытыллыбыттара, ыытылла да тураллар.
Литература сылын биир сүрүн дьаһалынан ассоциацияны тэрийии буолбута. Икки айар сойуус уонна сойууһа да суох суруйааччылары түмэр, бииргэ үлэлииргэ туһаайар сыаллаах тэриллибитэ. Бу туһунан Ил Дархан Егор Борисов тэрээһин мунньахха сыалы-соругу чопчу этэн турар. Ол кэннэ биһиги дьүүллэһэн, былаан оҥостон, үлэбитин саҕалаабыппыт. Биллэн турар, саҥа тэриллэр уопсастыбаннай, коммерческайа суох тэрилтэ атаҕар туруута түргэн буолбатах. Сылбыт тэрээһин үлэтин торумнуурга, сокуон-быраап өттүнэн олоххо киллэрэргэ ааспыта.
Онтон 2016 сылга бырабыыталыстыба гранын ылан, култуура министиэристибэтин көмөтүнэн, дьиҥ-чахчы бэйэбит дьаһалларбытын олоххо киллэрэн, үлэбитин саҕалаабыппыт.
Биһиги бастакы хардыыбыт – 2015 с. “Литературная Якутия” диэн портал арыйбыппыт. Порталга аҥардас информационнай сырдатыы эрэ буолбат, суруйааччылар бэйэлэрин айымньыларын киллэрэн угаллар, онно “Читальня” диэн ааттаах рубрикалаахпыт. Портал сүрүн сыала – суруйар, айар дьон ыкса алтыһалларыгар, бэйэ-бэйэлэриттэн үөрэнэллэригэр анаан тэриллибитэ.
Порталбыт нууччалыы, сахалыы тылынан тахсар. Инникитин эбээн, эбэҥки уонна юкагир тылынан тахсар былааннаахпыт. Бу Саха сиригэр олорор омуктар литератураларын киэҥ эйгэҕэ, аан дойду, Арассыыйа таһымыгар таһаарарга саҥа ньыманан буолар. Портал биир соруга – саха литературатын интэриэһиргиир, билиэн баҕарар дьон киирэн сөптөөх информация ылалларын ситиһии. Сайт каартатын көрдөххө, атын дойдулартан киирии элбэх.
Былырыын “СӨ норуодунай бэйиэттэрэ, суруйааччылара” рубриканы толору оҥордубут. Дьон-сэргэ ытыктыыр, түс-бас суруйааччыларбыт биографиялара, айар үлэлэрэ толору сырдатылынна. Инникитин кинилэр айымньыларын киллэриэхпит.
Биир хайысхабыт – Арассыыйа хаһыаттарын, сурунаалларын кытары үлэ. Итиннэ тылбаас эрэ нөҥүө киэҥ эйгэҕэ тахсар кыаллар. “Аврора” сурунаалга саха суруйааччыларын элбэх айымньыларын түмэн, биир нүөмэргэ толору таһаардыбыт. “Литературная газета” хаһыакка “АЛРОСА” өйөбүлүнэн Саха сиригэр аналлаах балаһалары таһаара тураллар. Номнуо хас да нүөмэргэ таҕыста. Онно биһиги ассоциациябыт эмиэ кыттыспыта.
Биллэн турар, биһиги саха норуодунай бэйиэттэрэ Наталья Харлампьева уонна Иван Мигалкин салайар икки айар сойуустарыгар тирэҕирэн үлэлиибит. Оннук да буолуохтаах. Баай уопуттаах, дириҥ силистээх тэрилтэлэр. Биир сойууһу Былатыан Ойуунускай тэрийэн турар. Иккис сойуус саха суверенитета сайдан турар кэмигэр 90-с сылларга тэриллибитэ. Онон, мин санаабар, икки сойуус ыытар үлэтэ элбэх уонна дириҥ ис хоһоонноох. Холобур, эдэр ааптардардыын, тыа сиригэр олорор суруйааччылардыын, литературнай түмсүүлэри кытта үлэ, Арассыыйа, аан дойду таһымыгар тахсыы – ити барыта бу икки сойуус ыытар үлэтэ.
Мин көрдөхпүнэ, кинилэр ардыгар институт курдук үлэлииллэр. Холобур, чинчийэр үлэни ыыталлар. Биһиги ыытар үлэбит, эттэххэ дөбөҥ курдук эрээри, кыттар дьаһалларбыт, тэрээһиннэрбит элбэхтэр. Киирэр этиилэри көрөн, төһө кыалларынан өйүү сатыыбыт. Инники үлэбитигэр өссө да элбэх кыах баар.

— Билиҥҥи кэмҥэ суруйар үлэнэн дьарыктаныы элбээтэ. Оннооҕор интэриниэт, батсаап суруйааччылара диэн баар буоллулар. Ити икки өрүттээх. Биир өттүнэн, айар куттаах дьон элбиирэ үчүгэй, иккис өттүттэн көрдөххө, суруйуу таһыма намтыан сөп. Маны эн туох дии саныыгыный?
— Ити сөпкө этэҕин. Москваҕа, Санкт-Петербурга сылдьан кэпсээтэхпинэ, соһуйааччылар: саха дьоно бары суруйааччы буолбуттар дуо диэн. Арассыыйа сорох регионнарыгар итинник суох эбит. Биһиэхэ баар ураты, бэлиэ көстүү быһыылаах. Хоһоону, кэпсээни элбэхтик айар буоллулар, ону тэҥэ тылбааһынан дьарыктаналлар, араас күрэстэри тэрийэллэр. Ити олус үчүгэй. Туох да куһаҕана суох. Литература хас да таһымнаах, ити саха тыла күүстээҕин көрдөрөр. Онтон бастыҥнарын, үчүгэйдэрин суруйааччылар сойуустара таба көрөн, сайыннаран, үөрэтэн, таһааран иһиэхтээхтэр.
Суруйааччы үлэтэ үрдүк эппиэтинэстээх, уустук айар үлэ дии саныыбын. Киһи өйө-санаата эрэ буолбакка, дууһата, сүрэҕин иэйиитэ түмүллүбүт үлэтэ. Онон суруйааччы ааҕааччыларыттан эрэ буолбакка, судаарыстыба, уопсастыба өттүттэн өйөбүлү эмиэ эрэйэр. Литература эмискэ суох буолан хаалар түбэлтэтигэр, олохпут олус да дьадайыа, тутайыа этэ. Ону киһи барыта өйдүүр курдук эрээри, көннөрү олоххо суруйааччы үлэтигэр ким да кыһаммат курдук. Дьиҥинэн, киһи быһыытынан сайдыыбытыгар, духуобунаска, бэйэбитин норуот быһыытынан билиниибитигэр, историябытын өйдөөн-санаан тирэхтээх, дириҥ силистээх буоларбытыгар, ону үүнэр көлүөнэҕэ тиэрдэргэ литература элбэҕи оҥорор.

— Билигин суруйааччы уопсастыбаҕа оруолун хайдах үрдэтиэххэ сөбүй?
— Бастатан туран, суруйааччы айымньыта норуокка тиийэн, харда ыларын ситиһиэхпитин наада дии саныыбын. Итиннэ биһиги литературнай сурунаалларбыт элбэх үлэни ыытыахтарын наада. Ыыталлар даҕаны. Холобур, “Чолбон”, “Полярная звезда”, “Күрүлгэн” сурунааллары ыллахха, ону тэҥэ “Далбар Хотун”, “Илин” сурунааллар, сахалыы-нууччалыы тылынан, айымньылары норуокка тиэрдэргэ үлэлииллэр. Итиннэ эбии өссө дьүүллэһиилэри, ырытыылары тэрийиэххэ наада.
“Чолбон” ааспыт сылга олус үчүгэй хамсааһыннары таһаарда. “Чолбон” уонна “Күрүлгэн” сурунааллар бастыҥ айымньыларга куонкурус ыытан тураллар, ону ассоциация өйөөбүтэ. Биир саамай улахан уонна инникитин элбэҕи биэрэр “Айар ыллык” күрэһи “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһатын, “Чуораанчык” сурунаалы кытта холбоон ыыппыппыт. Мин санаабар, маннык куонкурустары ыытыы олус наадалаах.
Билиҥҥи кэм суруйааччылара, бэйиэттэрэ Николай Лугинов, Наталья Харлампьева, Сэмэн Тумат, Иван Мигалкин, Андрей Кривошапкин, Василий Сивцев, Баһылай Харысхал, о.д.а. тыллара-өстөрө дьоҥҥо тиийэр, айымньылар өйү-санааны көтөҕөллөр, сирдииллэр, норуот кинилэр тылларын истэр, ылынар. Ол иһин кинилэр өрүү уопсастыба болҕомтотун ортотугар сылдьаллар. Историяны да ылан көрдөххө, оччолорго саханы саха дэппит, норуот быһыытынан билиниитигэр улахан кылааты киллэрбит Алампа, Өксөкүлээх Өлөксөй, Николай Неустроев, Василий Күлүмнүүр, Былатыан Ойуунускай литератураҕа оруоллара улахан.

— Биһиэхэ “Переделкино” курдук айар, суруйар дьон сынньанар, анаан суруйа барар дьиэлэрэ кыаллыан сөп дуо?
— Ити санаа идиэйэ быһыытынан элбэхтик дьүүллэнэр, кэпсэнэр. Билиҥҥи туругунан, итиннэ улуустартан икки–үс этии баар. Ону көрүөхпүт. Дьокуускайга Ил Дархан этиитинэн, Литератордар дьиэлэрэ тутуллуохтаах. Ити инники былааҥҥа баар.

— Суруйааччы үлэтин түмүгэ – өйүн-сүрэҕин күүһэ түмүллүбүт кинигэтэ буолар. Судаарыстыба өттүттэн кинигэни бэчээттээһиҥҥэ туох өйөбүл оҥоһулларый?

— Судаарыстыба өрүүтүн өйүүр диэххэ наада. “Бичик” Национальнай кинигэ кыһата сөпкө дьаһанан, таһаарыылаахтык үлэлиир. Арассыыйаҕа биир бастыҥ көрдөрүүлээх диэххэ сөп. Кинилэр сыллата икки айар сойуустан этиилэри хомуйан, бэйэлэрин былааннарынан, социальнай хабааннаах кинигэни бэчээттээн, норуокка тиэрдэллэр. Онон ити үлэ өссө да өйөнүө, быстыа суоҕа дии саныыбын. Ил Дархан ол туһунан этэн турар, бырабыыталыстыба да өттүттэн өйөбүл баар.
Биир улахан үлэбит – ааспыт сылга саха суруйааччыларын ыйынньыга оҥоһуллан, бэчээттэнэр үлэтэ ситэриллэн, сотору күн сирин көрүөҕэ. XIX үйэттэн саҕалаан саха суруйааччыларын барыларын түмэн, энциклопедическэй ыйынньык курдук оҥордубут. Онон дьоҥҥо туһалаах, үчүгэй хамсааһын. Инникитин да итиннэ үлэлэһиэхпит.

—Бу сылга былааннары кылгастык сырдаттахха?
— Быйылгы сыл Ыччат сыла буоларынан, үлэбит эдэр ааптардары кытта көрсүһүүттэн саҕаланна. Гаврил Андросов тэрийиитинэн, ыччат миниистирэ Афанасий Владимиров, суруйааччылар кыттыылаах бэрт үчүгэй кэпсэтии, этиилэри дьүүллэһии буолбута. Аҕыйах хонуктааҕыта эдэр бэйиэттэр андеграунд бэстибээллэрэ ыытылынна.
Быйыл ыччаты кытта үлэҕэ болҕомто өссө күүһүрүө. Сайын эдэр суруйааччыларга семинар ыытыллыахтаах. Ону тэҥэ Наталья Харлампьева төрүттээбит “Үрүҥ хаар алгыһа” норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээл быйыл күһүн буолуохтаах. Ону култуура министиэристибэтэ, бырабыыталыстыба өйөөн, олоххо киириэҕэ, атын дойдулар суруйааччылара ыалдьыттыы кэлэллэрин күүтэбит.
Арассыыйа сурунаалларын кытта үлэҕэ өссө да элбэх былааннаахпыт. Баҕар, барыта олоххо киириэ суоҕа, ол иһин ымпыгын-чымпыгын киһи кыайан тута эппэт. Биһиги ыытар үлэбитин “Литературная Якутия” (sakhalitera.ru сайтка) барытын таһааран иһэбит, онно киирэн билсиэххитин сөп. Сайтка сибээстэһэр аадырыс баар, дьон санаатын киирэн суруйуон сөп.
—Олег Гаврильевич, дьоҥҥо наадалаах, сыралаах үлэҕитигэр ситиһиилэри баҕарабын!
Ангелина ВАСИЛЬЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0