Дьокуускайга кэтэхтэн үөрэх хаачыстыбатын хонтуруоллуур төлөпүөн лиинийэтэ үлэлээтэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Дьокуускай баһылыга Евгений Григорьев көҕүлээһининэн, кэтэхтэн үөрэҕи тэрийиигэ төлөпүөн лиинийэтэ үлэлээтэ.

«Үөрэх хаачыстыбатыгар төрөппүт долгуйарын өйдүүбүн, ордук оскуолаҕа саҥа киирбит уонна бүтэрээри сылдьар оҕолордоох төрөппүттэри. Онон бу уустук кэмҥэ Дьокуускай үөрэҕин управлениета маны тус хонтуруолугар ыларын наадалааҕынан ааҕабын», — диэн Евгений Григорьев «Инстаграмыгар» иһитиннэрдэ.

Кэтэхтэн үөрэнэр оҕолордоох төрөппүттэр үөрэҕи тэрийии боппуруостарынан 8(4112)45-10-60 нүөмэргэ эрийэҥ билсиҥ.

Хаартыска — admnvrsk.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0