Дьокуускайга Йога күнүн бэлиэтиэхтэрэ

16.06.2017
Бөлөххө киир:

Бэс ыйын 18 күнүгэр, баскыһыанньаҕа, сарсыарда 8 чаастан куорат киин пааркатыгар Йога аан дойдутааҕы күнүн бэлиэтиэхтэрэ. Маннык тэрээһин үһүс сылын ыытыллар. Манна ким баҕалаах барыта кэлэн, йога диэн тугуй, доруобуйаҕа туох туһалааҕый диэн бэйэтин этинэн-хаанынан билиэн сөп.
Тэрээһини “Джива-Шакти” йога оскуолата куорат киин пааркатын, физкультура, маассабай спорт управлениетын, “Рослек” фармацевтическай фирма өйөбүллэринэн тэрийэр.

 edersaas.ru


Кэнники кэмҥэ йога киэҥник тарҕанан эрэр. “Сулустартан”, бэлиитиктэртэн саҕалаан, дьиэ хаһаайкаларыгар тиийэ дьарыктанар буоллулар. Ол эрээри, йоганы спорду кытары булкуйан, суолтатын намтаталлар. Холобур, фитнес-йога, эйр-йога, аква-йога, гамак-йога, о.д.а. Үксүгэр маркетологтар дьону тардаары, йога диэн сыһыарыыны эбэн биэрэллэр.
Оттон дьиҥнээх, үтүмэн үйэлэртэн уталыйбакка кэлбит, үгэскэ кубулуйбут йога – киһини сайыннарар бүтүн систиэмэ буолар. Йога доруобуйаны эрэ бөҕөргөтөр буолбакка, киһи духуобунай өрүтүн, өйүн-санаатын сайыннарар, дьоллоох, көҥүл, эрчимнээх буоларга үөрэтэр түҥ былыргыттан кэлбит билии. Йоганан сааһыттан, доруобуйа туругуттан тутулуга суох, ким баҕарар дьарыктаныан сөп.
Бу күн пааркаҕа кэлбит дьоҥҥо араас бэлэхтэри түҥэтиэхтэрэ. Ол курдук, йоганан дьарыктанарга сертификаттары, чэпчэтиилээх абонеменнары, йоганы үөрэтэр видеокурстары бэлэхтиэхтэрэ, ону тэҥэ лотереяҕа анал тэллэхтэри оонньотуохтара.
Бырагыраамаҕа “Джива-Шакти” йога оскуолатын тэрийээччи Мария Ли аһаҕас уруога, сүһүөхтэри, сис тоноҕоһун чэбдигирдэр гимнастика, ньиэрбэни, мэйиини уоскутар асаналар (эрчиллиилэр), “Шавасана” уоскуйуу тиэхиникэтэ, тумууттан, бронхиттан, астматтан эмтиир тыыныы эрчиллиилэрэ, медитация, о.д.а. бааллар.
Ону тэҥэ Айенгар йогатын туһунан “Равновесие” киин үлэһиттэрэ кэпсиэхтэрэ, ыйытыыларга хоруйдуохтара. “Атмосфера” студия инструктордара йога доруобуйаҕа туһатын, сиһи бөҕөргөтөр асаналары, төрөөбүт дьахтар чөлүгэр түһүүтүн, о.д.а. кэпсиэхтэрэ.
Кэлэр дьон спортивнай формалаах, анал тэллэхтээх, бырдахтан эмтээх буолуохтаахтар. Дьарык икки аҥар чааһы быһа барар.

Ыспыраапка:
2014 сыл ахсынньытыгар Холбоһуктаах нациялар тэрилтэлэрэ (ООН) Йога аан дойдутааҕы күнүн ыытар туһунан резолюция таһаарбыта. Арассыыйа маны биир бастакынан өйөөбүтэ.
Аан бастаан Йога күнэ 2015 сыллаахха ыытыллыбыта. Владивостоктан Калининградка диэри 45 тыһыынча киһи кыттыбыта. Дьокуускайга 400-чэкэ киһи “Туймаада” стадиоҥҥа күргүөмүнэн дьарыктаммыта. Бастакы тэрээһини Индийскэй култуура киинэ, физкультура, маассабай спорт управлениета, “Джива-Шакти” йога оскуолата ыыппыттара.

Ангелина ВАСИЛЬЕВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0