Дьокуускайга Италия худуоһунньуга дьиэ эркинигэр уруһуйдуур

22.08.2017
Бөлөххө киир:

Италия худуоһунньуга Агостино Якурчи Ломоносов уулуссатыгар турар тоҕус этээстээх дьиэ эркинигэр уруһуйдаан саҕалаата. Кини Арассыыйаҕа бу үһүс үлэтэ. Бу иннинэ Москваҕа икки дьиэҕэ уруһуйдаабыта.

Якурчины Дьокуускай куорат дьаһалтата уонна Национальнай художественнай мусуой ыҥырбыттар. Эһиил буолуохтаах «BY-18» диэн аныгы искусство биенналетын чэрчитинэн оҥоһуллар.

Агостино Якурчи – атын дойдуларга биллэр-көстөр муралист-худуоһунньук. Чаҕылхай кырааскалары туһанан, сатираны кыбытан, мультик истиилинэн уруһуйдуур. Кини үлэлэрин үгүс киһи кэтээн көрөр. Элбэх дойдуларга кини уруһуйдара бааллар. Онон Дьокуускай эмиэ аан дойдутааҕы стрит-арт искусствотын картатыгар хабыллыа диэн санааттан, хас да худуоһунньуктан талан ылан,  ыҥырбыттар.

Худуоһунньук бэйэтэ этэринэн, Саха сирин туһунан урут тугу да билбэт эбит. Үөрэтэн көрөн баран, Саха сирин бренд өйдөбүллэрин —  ирбэт тоҥу, сэлиини, чороону уонна алмааһы уруһуйдуурга быһаарыммыт. Чороон – уйгу-быйаҥ бэлиэтэ диэн, хартыынатын чороон быһыылаабыт.

Бу бырайыак куорат баһылыгын граныгар кыайбыта. Худуоһунньук уруһуйдаабыта үһүс эрэ күнэ, ол эрээри эркиҥҥэ дьэрэлийэн тахсан эрэр айымньыны үгүс дьон араастык сыаналыыр. Сорохтор “олус судургу, оҕо уруһуйдаабытын курдук” диэн сирэллэр, атыттар: “аныгы искусствоҕа быһаарсыбат эрээри, сиилииргитин эрэ билэҕит, ааттаах-суоллаах худуоһунньук Дьокуускайы аатырдыа” диэн этэллэр.

Бу кэнниттэн өссө Щорс күөлүн кытылыгар, Лермонтов уулуссатыгар турар иккис дьиэни Москваттан кэлбит худуоһунньук уруһуйдуоҕа.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru 

Хаартыскалар: Интэриниэт ситимиттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0