Дьокуускайга историческай музей аһылынна

19.10.2017
Бөлөххө киир:

Бүгүҥҥүттэн “Россия – мин историям” мультимедийнэй историческэй паарка аанын тэлэччи аста. Паарка үөрүүлээх аһыллыытыгар Ил Дархан Егор Борисов, РФ президенин Уһук Илин регионнарга боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев сырыттылар.

edersaas.ru

Санатан эттэххэ, “Россия – мин историям” диэн бүтүн Россиятааҕы бырайыак буолар. Бастакы паарка Москваҕа 2015 сыллаахха арыллыбыта. Россия үрдүнэн барыта 25 музей тутуллуохтаах. Билигин бу маннык музейдар Москваны таһынан, Екатеринбурга, Уфаҕа, Ставропольга, Волгоградка арылыннылар. Дьокуускай бырайыакка алтыс куоратынан киирдэ уонна Уһук Илин регионнарга соҕотох.
РФ бырабыыталыстыбатын вице-премьерэ Юрий Трутнев паарка үөрүүлээх аһыллыытынан Саха сирин олохтоохторун эҕэрдэлээн туран: “Уһун Илин регионнарга историческай паарка үлэҕэ киирбитэ – бэлиэ күн. Бэйэтин историятын өйдүүр, өбүгэлэрин ытыктыыр норуот инникигэ эрэллээх буолар. Уһук Илин регионнарга урутаан сайдар сирдэр тутуллалларын таһынан, духуобунаска, историяны билиигэ болҕомто ууруллар”, — диэн бэлиэтиир Юрий Петрович.
Паарка аата да этэринии, манна дойдубут историята аныгы кэм ирдэбилинэн панораманан проектор нөҥүө көрдөрүллэр. Музей экспозициятыгар барыта 500-чэкэ мультимедийнэй тиэхиньикэ туһаныллыбыт. Экспозициялар түөрт хайысхаҕа арахсан тураллар: Рюриковичтар, Романовтар, Гражданскай сэрии кэнниттэн Аҕа дойду сэриитин кэмэ, билиҥҥи Россия. Маны таһынан Саха сирин Судаарыстыбаннаһын экспозицията туспа баар буолуоҕа.
Ил Дархан Егор Борисов бу музей духуобунай өттүнэн баай, киэҥ билиилээх ыччаты иитэн, үөрэтэн таһаарыыга төһүү күүс буолуоҕун бэлиэтээн эттэ.
— Саха сирэ түөрт үйэ кэриҥэ Россияны кытары ыаллаһан олорор. Саха сирэ – Россия улахан субъега. Экономикабытын сайыннарарбыт таһынан, духуобунай сайдыыбытын эмиэ байытыахтаахпыт. Онуоха бу историческэй паарканы тутуу улахан суолталаах. Инники сайдыыбытыгар, олоҕу кытары тэҥҥэ хаамсан иһэрбитигэр историябытын саныырбыт, дьоммутун-сэргэбитин ытыктыырбыт, ааҕа билэрбит наада. Билигин өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 85 музей баар. Кэлиҥҥи кэмҥэ дьон-сэргэ музейдарга сылдьыыта 20 төгүл элбээтэ. Эдэр дьон историяны олус интэриэһиргиир буоллулар. Ол иһин бу музейтан элбэҕи күүтэбин, эрэнэбин, — диэн этэр кини.
Музей экспозицияларын ис хоһоонугар Саха сирин наукатын академията үлэлэстэ. Учуонайдар бөлөхтөрүн Наука академиятын президенэ Игорь Колодезников салайда. Киниэхэ Гуманитарнай уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар проблемаларын чинчийэр институт (учуонай Анатолий Алексеев салалталаах) уонна Емельян Ярославскай аатынан музей кэллэктиибэ күүс көмө буоллулар. Наука үлэһиттэрин бэрэстэбиитэллэрин ааттарыттан Игорь Колодезников музей үөрүүлээх аһыллыытыгар региональнай контент оҥоһуллубутун бэлиэтээн эттэ уонна бу үлэ салҕанан барыаҕын иһитиннэрдэ.

Музей аадырыһа: Дьокуускай куорат, Ксенофонт Уткин аатынан уулусса 5 дьиэтэ.
Үлэлиир кэмэ: күнүс 11 чаастан киэһэ 20:00 ч диэри. Өрөбүлэ – бэнидиэнньик. Эрдэттэн бөлөҕүнэн суруйтарыаххытын сөп.
Билиэт сыаната: устудьуоннарга, оҕолорго босхо (17 сааһыгар диэри), улахан киһиэхэ биир экспозицияҕа – 150 солкуобай (4 быыстапкаҕа абонемент — 500 солк.), биэнсийэлээхтэргэ — 50 солкуобай (4 быыстапкаҕа — 200 солк.). Экскурсовод сыаната манна киирбэт.

Аграфена КУЗЬМИНА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0