Дьокуускайга «Ийэҕэ көмөлөһүөххэ» аахсыйа ыытылынна

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Элбэх оҕолоох ийэ Татьяна Слепцоваҕа бүгүн волонтердар тиийэн тиэргэнин хаарын күрдьэн, олбуор иһиттэн таһаардылар.

Дьокуускай олохтооҕо Татьяна Слепцова:
«Ийэ сылыгар биһиэхэ, ийэлэргэ, болҕомто уурулларыттан олус үөрдүм. Бу көмө аахсыйаны «Арассыыйа ийэлэрэ» актыбыыстара уонна волонтердар ыыта сылдьалларын социальнай ситимнэринэн билбитим уонна тиэргэним хаарын ыраастыылларыгар көрдөһөн, сайаапка ыыппытым. Бу элбэх оҕолоох ыалларга олус наадалаах бырайыак эбит. Биир массыына хаары тиэйтэриигэ 6 тыһ. солк. төлүөххэ наада. Оттон биһиги
2-3 массыынаны сакаастыырга күһэллэбит. Быйыл волонтердар хаары ыраастаан, таһан көмөлөһөн абыраатылар. Гагаринскай уокурук көлөнөн көмөлөстө, – диэн санаатын үллэһиннэ.


Слепцовтар түөрт оҕолоохтор: үс уол уонна кыыс. Биир инбэлиит оҕолоохтор. «Ийэҕэ көмөлөһүөххэ» аахсыйа өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыгар ыытылла турар. Бу үлэни Ыччат уонна социальнай коммуникациялар дьыалаларын министиэристибэтэ, «Арассыыйа ийэлэрэ» эрэгийиэннээҕи отделениета сүрүннүүр.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0