Бүгүҥҥү брифиҥҥэ Ольга Балабкина Дьокуускай куоракка Гагарин уокуругун олохтоохторугар тустаах тестирование ыытыллыбытын туһунан эттэ. Тестирование түмүгэр балыыһа салалтатын үлэһитэ булуллубутун, кини ыарыһахтары кытары чопчу үлэлээбэтэҕин иһитиннэрдэ.
—Аэропорт оройуонугар баар балыыһа 14 күҥҥэ сабыллар. Ыарыһахтар уонна үлэһиттэр бу күннэр усталарыгар балыыһаттан тахсар бырааптара бохсуллар», — диэн, чуолаан, бу уокурукка олорор дьон сэрэхтээх буолалларыгар эттэ. Гагарин уокуругар уонна аэропорт сиригэр-уотугар дезинфекция, санитарнай үлэлэр күүһүрдүллүөхтэрин иһитиннэрдэ.
Оттон балыыһаҕа 14 күн изоляцияҕа сытыахтаах эмчиттэр оҕолоругар суукканы быһа үлэлиир оҕо саада тэрилиннэ диэтэ.
«Биһиги уруккубут курдук, куорат устун хаамсабыт, күүлэйдиибит. Итинник сылдьан, биһиэхэ хаһан баҕарар көмөҕө кэлиэхтээх быраастарбытыгар уонна мэдиссиинэ сиэстэрэлэригэр, кинилэр доруобуйаларыгар кутталы үөскэтэбит. Биһиги коронавируһу утары охсуһарга киллэрэр хааччахтааһыммытын бука диэн тутуһуҥ. Бэйэҕит доруобуйаҕытыгар кыһаллыҥ. Бары түмсүүлээх болуоҕуҥ, оччоҕо эрэ уодаһыннаах ыарыыны кыайыахпытын сөп», — диэтэ.
Надежда Егорова, «Саха сирэ» хаһыат.