Дьокуускайга дьону хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагыраамата түмүктэннэ

Ааптар: 
21.08.2017
Бөлөххө киир:

Киин куорат дьону хаарбах дьиэттэн көһөрүү тус сыаллаах бырагырааматынан үлэни өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастакынан түмүктээтэ.

edersaas.ru


Атырдьах ыйын 19 күнүн тустаахтар умнуохтара суоҕа. Бу күн космонавт Герман Титов аатынан уулусса 2/3 №-гэр тутуллубут элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторугар, ол иһигэр хаарбах дьиэлэртэн көһөрүллүбүт сүүрбэ ыалга, саҥа кыбартыыралар күлүүстэрэ туттарылынна. Саҥа дьиэ дьоллоох олохтоохторун архитектура уонна тутуу комплексын миниистирэ Вера Кузакова, куорат баһылыга Айсен Николаев, куорат Думатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Марина Силкина, куорат Думатын чилиэнэ Станислав Сивцев, дьиэни туппут «Высота» ХЭТ салалтата уо.д.а. эҕэрдэлээтилэр. Сахалыы сиэринэн алгыс этилиннэ, аал уокка айах тутулунна.

Вера Кузакова, архитектура уонна тутуу комплексын миниистирэ:

— Саҥа кыбартыыраҕа киирии хас биирдии киһиэхэ улахан үөрүү. Хаарбах дьиэлэртэн дьону көһөрүү бырагыраамата Саха өрөспүүбүлүкэтигэр тэтимнээхтик үлэлиир. Билигин 124 элбэх кыбартыыралаах дьиэ тутулла турар, олортон бу ыйга 94 эбийиэк үлэҕэ киллэриллиэҕэ. Онон өрөспүүбүлүкэҕэ күннэтэ кэриэтэ саҥа дьиэ малааһына буолуоҕа. 42 муниципальнай тэрээһинтэн 12 улуус уонна Дьокуускай куорат бу бырагырааманы чиэстээхтик түмүктээтилэр.

Айсен Николаев, куорат баһылыга:

Хаарбах дьиэлэртэн дьону көһөрүүгэ анаммыт муниципальнай бырагыраама «2013-2017 сс. «Дьокуускай куорат» куораттааҕы уокурук олохтоохторун олорор дьиэнэн-уотунан хааччыйыы» хос бырагырааматын чэрчитинэн барыта 2038 ыал саҥа кыбартыыра ылла. Бүгүн бырагырааманы түмүктүүр сүүрбэ кыбартыыра күлүүһүн туттарар долгутуулаах күммүт күөрэйэ үүннэ. Биэс сыл устата 493 элбэх кыбартыыралаах эргэ мас дьиэ көтүрүлүннэ, бу – Дьокуускай куорат эргэ мас дьиэлэрин чиэппэрэ. Бырагыраама салгыы үлэлээн, 2012 сыл кэнниттэн хаарбах туруктааҕынан билиниллибит дьиэлэр олохтоохторун саҥа дьиэлэринэн хааччыйыахпыт диэн эрэнэбин.

Ыаллар бары кыбартыыраларын күлүүһүн ылбыттарын, дьиэҕэ киириигэ кыһыл лиэнтэ быһыллыбытын кэнниттэн, дьиэни кэрийэн көрүү-истии буолла.

Биһиги уһун сылларга Көтөр фабрикатын микро-оройуонугар, Студенческай уулуссаҕа турар эргэ мас дьиэҕэ олорбуппут. Саҥа, киэҥ-куоҥ уонна толору хааччыллыылаах дьиэлэнэммит оҕолорбун кытары үөрүүбүт сүҥкэн. Махтал! Бырагыраама салгыы үлэлээтин, сууллар туруктаах эргэ дьиэлэргэ олорор ыаллар бары саҥа дьиэлэнниннэр, – диэтэ Светлана Павлова.

Раиса СИБИРЯКОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0