Дьокуускайга дьокутааттар бастакы сийиэстэрэ үлэтин саҕалаата
Бүгүн, кулун тутар 30 күнүгэр, Дьокуускайга Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет тыйаатырыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин муниципальнай тэриллиилэрин бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын бастакы сийиэһэ үлэтин саҕалаата.
Роман Попов, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru
Бу Саха сирин историятыгар киирэр сийиэскэ өрөспүүбүлүкэ 445 муниципальнай тэриллиитин бэрэстэбиитэллээх уорганнарыттан 505 дэлэгээт регистрацияны ааста. Мунньах үлэтигэр 150-ча ыҥырыылаах ыалдьыт кыттыыны ылар – Федерация Сэбиэтин сенатордара, Судаарыстыбаннай Дуума дьокутааттара, регион бырабыыталыстыбаларын чилиэннэрэ, СӨ Конституционнай Суутун судьуйалара, федеральнай, өрөспүүбүлүкэтээҕи толорор былаас бэрэстэбиитэллэрэ, улуус, куораттааҕы уокурук баһылыктара, Саха сирин муниципальнай тэриллиилэрин сэбиэттэрин, өрөспүүбүлүкэ олохтоох салайыныытын бэрэстэбиитэллээх уорганнарын ассоциациятын бэрэстэбиитэллэрэ, о.д.а.
Сийиэс сүрүн тиэмэтинэн өрөспүүбүлүкэ социальнай, экономическай сайдыытыгар олохтоох салайыныы бэрэстэбиитэллээх уорганнарын оруолларын күүһүрдүү буолар.
Мунньах үөрүүлээх аһыллыытыгар Арассыыйа Федерациятын Федеральнай Мунньаҕын Федерациятын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Валентина Матвиенко, Арассыыйа Федерациятын Федеральнай Мунньаҕын Судаарыстыбаннай Дууматын бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Володин, Арассыыйа Федерациятын Федеральнай Мунньаҕын Федерациятын Сэбиэтин чилиэнэ Вячеслав Штыров, Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай сүбэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев сийиэс кыттыылаахтарыгар эҕэрдэлэрэ ааҕылыннылар. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Егор Борисов видеонан эҕэрдэтэ көрдөрүлүннэ.
Дэлэгээттэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин брэссэдээтэлэ Александр Жирков «Бар дьон итэҕэлин толорон» диэн дакылаатын болҕойон иһиттилэр.
Сийиэскэ барыта 521 дэлэгээт талыллыбытыттан, пленарнай мунньахха 505 киһи кыттыыны ылла. Кинилэртэн 286-ра – эр дьон, 219-ра – дьахтар. Дэлэгээттэртэн 401-рэ — саха, 60-на – нуучча, 14-рэ – эбээн, 8 –эбэҥки, 1 – украинец уо.д.а. 371 дэлэгээт үрдүк, 121 – орто анал үөрэхтээх.
Саастарынан ыллахха, 30 диэри – 21, 30-50 саастаахтар – 254, 50 аҕа саастаах – 230 киһи. Саамай саастаах дэлэгээт 76-гар сылдьар, саамай эдэрдэрэ 27 сааһын туолбут. Биир бэлиэ түгэнинэн, сийиэс кыттыылаахтара үс дэлэгээти төрөөбүт күннэринэн эҕэрдэлээбиттэрэ буолла.
Баартыйаларынан наардаатахха, 294 киһи “Биир ньыгыл Арассыыйа” чилиэнэ, 16 – “Сиэрдээх Арассыыйа”, 10 – РФКП, 5 – “Аграрнай баартыйа”, 2 – РЛДП, уо.д.а.
Роман Попов, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru