4000 тахса нэһилиэнньэлээх Аллараа Бэстээххэ сүүһүнэн маҕаһыын, кууһунан атыылыыр базалар, атыы-эргиэн кииннэрэ бааллар. Бу күннэргэ Аллараа Бэстээххэ сылдьан ас-үөл сыанатын көрдүбүт, атыыһыттары кытта кэпсэттибит.
“Азияҕа”
Биһиги бастаан икки мэндиэмэннээх “Азия” атыы-эргиэн киинигэр киирдибит. Манна кууһунан уонна биирдиилээн атыылаһааччылар хото сылдьаллар. Куруук уочараттаах буолар диэн мэҥэлэр этэллэр.
Бурдук сыаната суордуттан уонна ханна оҥоһуллубутуттан араастаһар эбит. “Азияҕа” “Алейка” бурдук эрэ баарын булан көрдүм. 50 киилэтэ 2350 солкуобайынан, 25 киилэтэ 1175 солкуобайынан быһыллыбыт. 3 киилэлээх дьоҕус бакыакка кутуллубут “Алейка” бурдук 149, икки киилэтэ 99, биир киилэтэ 51 солкуобайга атыыланар.
Аны маҕаһыыҥҥа бурдук, саахар атыытын хааччахтаабыттар. Элбэҕи атыылаабаппыт диэн кумааҕыга суруйан баран ыйаталаабыттар.
Саахар 25 киилэтэ 2488, 10 киилэтэ 995, 5 киилэтэ 497 солкуобайга атыыланар. Ол аата биир киилэ саахар ортотунан 100 солкуобайынан быһыллыбыт. Гречка сыаната дойду үрдүнэн баһырхайдык үрдээбитин туһунан суруйалларын үгүстүк ааҕабын. Туһааннаах маҕаһыыҥҥа гречка 5 киилэтэ 675 солкуобайга баар (биир киилэтэ 135 солкуобай). Оттон “Амурскай” диэн суортаах гречка үс киилэтэ 345 солкуобайга турар.
Дьокуускайга ГРЭС маҕаһыыныгар
Аллараа Бэстээх сыанатын өрөспүүбүлүкэ киин куоратын кытары тэҥнээн көрөөрү, Даркылаахтан чугас, ГРЭС оройуонугар баар “ОПТОВКА ГРЭС” маҕаһыыҥҥа сырыттыбыт.
“Алейка” үрдүк суортаах бурдуга 25 киилэтэ 1200, 10 киилэтэ 470, 5 киилэтэ 240, 2 киилэтэ 100 солкуобайга, оттон “Макфа” 2 киилэтэ 163 солкуобайга турар. Саахар биир киилэтэ 98, гречка 139, рис 78, “Олейна” үүнээйи арыыта 162, «Злато” 166 солкуобай.
Сыана Дьокуускайга уонна Аллараа Бэстээххэ улаханнык араастаспат курдук. Баҕар ханнык эрэ көрүҥ арыый чэпчэки буолуо.
Ас-үөл сыанатын туһунан суруйууну сиһилии «Саха сирэ» хаһыат кэлэн нүөмэригэр ааҕыҥ.
edersaas.ru