Быһыыны биэрэр көһө сылдьар пууннар үлэлэрэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Быһыыны биэрэр көһө сылдьар пууннар Дьокуускайга хайдах үлэлииллэрий.

Дьокуускайдааҕы мэдиссиинэ киинин быһыыны туруорар көһө сылдьар пууннара балаҕан ыйын 18 күнүгэр диэри кирииби уонна пневмококковай инфекцияны утары быһыыны туруораллар.

Көһө сылдьар пуун балаҕан ыйын 16-19 күннэригэр 13-18 ч. «Столичнай» ырыынак сиригэр-уотугар үлэлиир.

Балаҕан ыйын 17 — 18 күннэригэр 11:00 — 16:00 ч. «Бааһынай» («Крестьянскай») ырыынакка.

Балаҕан ыйын 16, 17, 18 күннэригэр 13:00 — 18:00 ч. быһыыны «Туймаада» ТРК тиийэн (1 мэндиэмэҥҥэ) ылыахха сөп.

Быһыыны поликлиникаҕа ылыахха сөп: Кальвица уул., 3, 124 хос. Үлэ күннэригэр 08:00 — 18:00 (сынньалаҥ 12:00 — 12:30, 16:00 — 16:30), субуотаҕа — 09:00 — 15:00 (сынньалаҥ 12:00 — 12:30), нэдиэлэ сэттис күнэ — өрөбүл.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0