ДЬОКУУСКАЙГА БЫҺЫЫНЫ БИЭРЭР ПУУННАР ААДЫРЫСТАРА

Бөлөххө киир:

Коронавирус дьаҥын бохсор суһал ыстаап Дьокуускайга бүгүн, алтынньы 10 күнүгэр, быһыыны биэрэр пууннар аадырыстарын иһитиннэрэр. Быһыыны үлэ уонна өрөбүл күннэргэ балыыһаларга уонна эбии пууннарга ылыахха сөп. Пууннарга пааспардаах, полистаах, СНИЛС-таах тиийэҕит.  

Быһыыны биэрэр пууннар аадырыстара:

Дьокуускай куорат 1 №-дээх поликлиниката: (Киров уул., 19, 414-с №-дээх хос, 9:00-20:00; Семен Данилов уул. 30/1, 09:00-15:00)

Дьокуускай куорат мэдиссиинэҕэ киинэ: (Кальвица уул., 3; Жатай, Севернай уул. 23; 9:00-15:00)

Өрөспүүбүлүкэтээҕи 3 №-дээх килиниичэскэй балыыһа: (Киров уул. 34, 107 №-дээх хос, 09:00-15:00)

Дьокуускай куорат 2 №-дээх балыыһата: (Кузьмин уул. 3, 11-17 хостор, Марха, Берёзовай уул. 11, 2 №-дэх хос, 09:00-15:00)

Дьокуускай куорат 3 №-дээх балыыһата: (Лермонтов уул. 121; Хатас, Каландаришвили, 4/2; Табаҕа с., Строительнай уул. 31, 09:00 – 15:00)

Хаартыскаҕа Мария Васильева (СИА) түһэриитэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0