ДЬОКУУСКАЙГА БЫҺЫЫНЫ БИЭРЭР ПУУННАР ААДЫРЫСТАРА

Бөлөххө киир:
Коронавирус дьаҥын бохсор суһал ыстаап Дьокуускайга бүгүн, балаҕан ыйын 10 күнүгэр, быһыыны биэрэр пууннар аадырыстарын иһитиннэрэр. Быһыыны үлэ уонна өрөбүл күннэргэ балыыһаларга уонна эбии пууннарга ылыахха сөп. Пууннарга пааспардаах, полистаах, СНИЛС-таах тиийэҕит.
Быһыыны биэрэр пууннар аадырыстара:

Дьокуускай куорат 1 №-дээх поликлиниката: (Киров уул. 19, аактабай саала, 08:30-20:00; 402 хос, 8:30-20:00; 411 хос, 8:30-13:00; 334 хос, 8:30 -20:00; Семен Данилов уул. 30/1, 223 хос, 9:00-18:00)

Эбии пуун:

1. Пригороднай, «Медпункт», Совхознай уул. 27, 09:00-13:00

Дьокуускай к. мэдиссиинэ киинэ: (Кальвица уул.3; Севернай, 23; Тулагы, Порядин уул. 3; Кангаласс, Лесной уул. 7, 08:00-18:00)

Өрөспүүбүлүкэтээҕи 3 №-дээх килиниичэскэй балыыһа: (Киров уул. 34, 08:30-20:00; Горькай уул. 94, 08:30-15:00)

Дьокуускай куорат 2 №-дээх балыыһата: (Кузьмин уул. 3, 11-17 хостор, 08:00-17:00)

Эбии пууннар:

1. «Ритм» култуура дьиэтэ, Маҕан, Алымов уул. 3/1, 09:00-13:00

2. Марха, Березовай уул. 11, 2-с мэндиэмэн, 25 хос, 08:00-17:00

Дьокуускай куорат 3 №-дээх балыыһата: (Лермонтов уул. 121; Хатас, Каландаришвили уул. 4/2; Табаҕа, Строительнай уул. 31, 08:00 – 20:00)

«Аврора» килииникэ: (Поярков уул. 20/1, 09:00-17:00)

Мария Васильева (СИА) хаартыскаҕа түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0