ДЬОКУУСКАЙГА БЫҺЫЫНЫ БИЭРЭР ПУУННАР ААДЫРЫСТАРА

Бөлөххө киир:

Коронавирус дьаҥын бохсор суһал ыстаап Дьокуускайга бүгүн, атырдьах ыйын 14 күнүгэр, быһыыны биэрэр пууннар аадырыстарын иһитиннэрэр. Быһыыны үлэ уонна өрөбүл күннэргэ балыыһаларга уонна эбии пууннарга ылыахха сөп. Пууннарга пааспардаах, полистаах, СНИЛС-таах тиийэҕит.

Быһыыны биэрэр пууннар аадырыстара:

Дьокуускай куорат 1 №-дээх поликлиниката: (Киров, 19, аактабай саала, 09:00-20:00, 334 хос, 09:00 -20:00; Семен Данилов уул. 30/1, 09:00-15:00)

Дьокуускай куорат мэдиссиинэҕэ киинэ: (Кальвица, 3; Жатай, Севернай 23; 9:00-15:00)

Өрөспүүбүлүкэтээҕи 3 №-дээх килиниичэскэй балыыһа: (Киров уул. 34, 107 хос, 09:00-15:00)

Дьокуускай куорат 2 №-дээх балыыһата: (Кузьмин уул. 3, 11-17 хос, 09:00-15:00)

Дьокуускай куорат 3 №-дээх балыыһата: (Лермонтов уул. 121; Хатас, Каландаришвили, 4/2; Табаҕа, Строительнай, 31, 09:00 – 15:00)

«Аврора» килииникэ: (Поярков уул., 20/1, 09:00-17:00).

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0