Дьокуускайга бэлисипиэт суола баар буолуоҕа

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Быйыл Дьокуускайга 50 км суолу өрөмүөннүөхтэрэ. Үлэ тэтимнээхтик барар.

Номнуо 70% асфальт бастакы бүрүөһүнэ оҥоһулунна. Иккис бүрүөһүнү ууруу үлэтэ  — 56%. Маны таһынан, Объездной шоссеҕа уонна Иван Кульбертинов уулуссатыгар бэлисипиэт суола баар буолуоҕа.

Бу туһунан бүгүн Ил Дархан Айсен Николаев Покровскай эргэ тыраагын суолун, ДСК-ны уонна Көтөр фабрикатын холбуур Иван Кульбертинов уулуссатын көрө-истэ сылдьан иһитиннэрдэ.

Елена ПОТОЦКАЯ, “Саха сирэ” хаһыат.

Хаартыска — Андрей Сорокин, СИА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0