Дьокуускайга балаһыанньа уустугурда

Ааптар: 
17.04.2020
Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн, муус устар 17 күнүгэр, брифиҥҥэ Дьокуускайга балаһыанньа уустугурбутун эттэ. 

—Бэҕэһээ аэропортан биир киһи тута обсерваторга киллэрилиннэ. Анаалыһа «положительнай» диэн буолла. Ону сэргэ, коронавирустаан билигин эмтэнэ сытар дьахтар Мархаҕа олорор үс ыала бэлиэтэнэр. Бүгүн өссө биир куорат тэрилтэтин үлэһитин анаалыһа эмиэ дьаҥнаабытын көрдөрбүт. Бэрэбиэркэ ыытыллар. Эбии анаалыстар оҥоһуллаллар. Бу киһи кимнээҕи кытары хантаактаспыта быһаарыллар, — диэтэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0