Дьокуускайга Бүлүү улууһун култууратын күннэрин бырагыраамата

15.04.2017
Бөлөххө киир:

Саха бастакы идэтийбит композитора Марк Николаевич Жирков быйыл төрөөбүтэ 125 сылын туоларынан уонна Бүлүүгэ Олоҥхо ыһыаҕа ыытылларынан, муус устар 20-23 күннэригэр Дьокуускай куоракка Бүлүү улууһун Култууратын уонна искусствотын күннэрэ ыытыллаллар.


Бырагыраама:

Муус устар 20 күнэ

11.00 ч. – Бүлүүтээҕи кыраайы үөрэтэр мусуой экспозициятын үөрүүлээхтик аһыы ( Ем.Ярославскай аатынан мусуой, Ленин пр., 5/2).

18.00 ч. – А.Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр Бүлүү улууһун Дьоро киэһэтэ (кэнсиэргэ киирбит үп-харчы буолаары турар Олоҥхо ыһыаҕын фондатыгар киириэ, ону таһынан, үп-харчы хомуйар хамыыһыйа үлэлиэҕэ). (Дзержинскэй уул., 13). Билиэт “Центральнай” киинэтыйаатырын, А.Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин каассаларыгар атыыланар.

Муус устар 22 күнэ

14. 00 ч. – Марк Жирковка анаммыт федеральнай “Московский журнал” , “100 сахалыы ырыа” хомуурунньук, фотоальбом сүрэхтэниилэрэ, хаартыска, кинигэ быыстапката (СӨ Национальнай библиотеката, Ленин пр., 40).

Муус устар 23 күнэ

17. 00 ч. Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет тыйаатырыгар композитор Марк Жирков төрөөбүтэ 125 сылыгар аналлаах өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннаһын үөрүүлээх мунньаҕа, улахан үбүлүөйдээх кэнсиэр (Ленин пр., 46).

Ытыктабыллаах Сахабыт сирин дьоно-сэргэтэ, кырылас кумахтаах Ытык Бүлүүттэн төрүттээх биир дойдулаахтарбыт! Дьокуускай куоракка ыытыллар тэрээһиннэргэ кэлэн көхтөөх кыттыыны ылыаххыт диэн долгуйа кэтэһэбит, эрэнэбит. Ыллыктаахтык ылсан, биир өйүнэн-санаанан салайтаран, тапталлаах Бүлүүбүтүгэр буолуохтаах улахан үөрүүлээх тэрээһиннэрбитин уруйдаан-айхаллаан көрсүөҕүҥ! Марк Николаевич Жирков талааныгар сүгүрүйэн, кини олоҕун, айымньылаах үлэтин киэҥник билсэ, итиэннэ ырыа, үҥкүү алыбыгар уйдаран, дуоһуйа сынньана кэлэргитигэр ыҥырабыт!

Тэрийэр бөлөх, edersaas.ru

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0