Алгыстаах Абый сиригэр — уотугар, хотулар олохторун тымыра илгэлээх — быйаҥнаах Индигир эбэ хонноҕор иитиллибит хотугу сахалар дьоллоох Дьокуускай куоракка түмүстүлэр…
Ааспыт нэдиэлэҕэ Абый сыдьааннара, ыччаттар, араас үөрэх кыһаларын устудьуоннара муниципальнай тэриллии баһылыга Владимир Вадимович Новиковы кытта Smart- бибилэтиэкэ уораҕайыгар үөрүүлээх быһыыга — майгыга көрүстүлэр.
«Дойду сурахтаах, алаас ааттаах» диэн өс хоһооҥҥо этиллэринии, бу көрсүһүүгэ кэлбит эдэр дьон сүрэхтэригэр — быардарыгар нэһилиэктэрин эйгэтэ, тыына иҥэн, сөҥөн сырыттаҕа. Ол курдук, Үрүҥ Хайа бөһүөлэгин, Муҥурдаах, Абый, Ураһалаах, Майыар, Уолбут нэһилиэктэрин ыччаттара бэйэ — бэйэлэрин бэркэ билэллэр, кинилэр алтыһыыларыгар оҕо саастан саҕыллыбыт үтүө сыһыан суккуллар. Онон көрсөн үөрдүлэр, ирэ — хоро кэпсэттилэр.
Былырыыҥҥыттан Абый устудьуоннарын көрсүһүүтэ үтүө үгэскэ кубулуйбут. Тэрээһин сүрүн сыалынан төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолуу санаатын үөскэтии, көхтөөх буолууга, үлэҕэ көҕүлээһин, кынаттааһын буолар диэн эттэ Абый улууһун култууратын управлениетын начальнига Айталина Унарова.
Көрсүһүү дьылабыай халыыбынан ааста. Устудьуоннар боппуруостарыгар СӨ Ыччат министиэристибэтин исписэлииһэ Алгыстаан Софронов, СӨ Успуорт уонна физкултуура салалтатын клубнай уонна корпоративнай успуорт салаатын начальнига Игорь Дьяконов, Абый улууһун землячествотын бэрэссэдээтэлэ Алена Аммосова эппиэттээтилэр, үлэлэрин — хамнастарын билиһиннэрдилэр, ыччаты үлэҕэ аһаҕастарын биллэрдилэр.
«Кэрэҕин туойабын» диэн ылбаҕай ырыатын Иннокентий Черемкин, «Абый — ийэ сир дойдубут» (Г.Стручкова тыл., С.Новиков мат.) ырыаны Евдокия Дохунаева мустубут дьоҥҥо бэлэхтээтилэр. Ону таһынан, Саха сирин биллиилээх эдэр ырыаһыта Катя Черкашина сэргэхтик ыллаан эҕэрдэлээтэ. Ыччат аатыттан эҕэрдэни ХИФУ саха салаатын 3 кууруһун устудьуона, эдэр суруналыыс Эльдар Садовников эттэ.
Бэрт соторутааҕыта Арктика Кубогар улуус спортсменнара волейболга ситиһиилэммиттэрэ: кыргыттар — бастакы (хап. Кыыдаана Черемкина), уолаттар (хап. Ренат Садовников) — иккис миэстэни ылбыттара. Кинилэри Алена Аммосова эҕэрдэлээтэ, уолаттарга бэйэтин аатыттан бириис быһыытынан саҥа мээчик туттарда.
Улуус баһылыга Владимир Вадимович араас хайысхаҕа, успуорка, уопсастыбаннай олоххо, култуураҕа көхтөөх Эльдар Садовниковка, Иннокентий Черемкиҥҥа, Даниил Слепцовка, Антонина Ефимоваҕа, Кыыдаана Черемкинаҕа, Лиана Дохунаеваҕа, Ренат Садовниковка, Евдокия Дохунаеваҕа, Валентина Слепцоваҕа, Ариан Садовниковка, Марк Зыряновка, Альберт Рязанскайга, Иннокентий Васильевка, Виктор Шкулевка, Александр Томскайга, Петр Борзовка, Олеся Саввиноваҕа, Ангелина Черемкинаҕа Махтал суруктары кытта сэмэй бэлэхтэри туттартаата. Салгыы устудьуоннар остуол хотойорунан бэлэмнэммит ас амтаннааҕын амсайдылар.
Киһиэхэ төрөөбүт сирэ — дойдута майгытыгар-сигилитигэр хайа эрэ өттүнэн хайаан да сабыдыаллыыр диэччилэр. Бу этиигэ сөпсөһүөхпүн баҕарабын. Ол курдук, Абый ыччата дойдутунуу, олус ураты, сэмэй, дьулуурдаах, модун санаалаах. Төһө да киһи киэҥ сирдэринэн арааһы билэ-көрө сырыттар, өйө-санаата син биир төрөөбүт алааһыгар курдары таттара турар эбит. Бу маннык көрсүһүүлэргэ ыччат ыгдам иһигэр тиҥирэччи тэбэр сүрэҕэр дойдута күндү буоларын, ураты миэстэни ыларын өйдүүр.
Сахалар куруутун бастаан хантан сылдьарбытын, кимтэн кииннээхпитин, хантан хааннаахпытын ыйыталаһабыт. Үксүгэр хотугу улуус ыччаттара дойдуларын ааттаатахтарына: «Хантан? Абыйтан (ырыа тыллара) диэ. Ыраах эбит», — дииллэр. Кырдьык, ыраахтар. Чугастааҕы улуустарга курдук, массыынанан аҕыйах чаас иһигэр айаннаан тиийбэттэр. Үс чаас сөмөлүөтүнэн көтөллөр. Ол да буоллар, бачча сыллар тухары хотугу улуустартан Абый өрөспүүбүлүкэҕэ биир саамай успуорка, үөрэххэ, билимҥэ, култуураҕа тардыһыылаах, ситиһиилээх улууһунан биллэр. Саас Индигир Кубога, өрөспүүбүлүкэтээҕи «Muus Ustar» бэстибээлэ (ыччат былырыын кыттыыны ылбыта) ыытыллыахтара! Билигин үүнэр көлүөнэ аҥаардас бэйэтин иһигэр дойдуга тапталын, сайдыытын туһугар киллэрсиэхтээх кылаатын, аналын — минэлин өйдөөтөҕүнэ, элбэх үтүө үлэ күөдьүйүөх этэ.
Киһи дойдута — кини уйата, угуттанар, эмтэнэр, киирэр-тахсар үөлэһэ-аартыга, эбэтин модьоҕото, холумтана, эркинэ-көмүскэлэ буолар. Матырыйаалбын «Абый — ийэ сир дойдубут» ырыа тылларынан түмүктүүбүн: «Абый — ийэ сир дойдубут, Абый — тапталлаах кыраайбыт, Арый кэскиллээх кирбиигин, Аһыый инники тускулгун!»