Дьоллоох Дьокуускайбыт 400 сылын хайдах көрсүөҕэй? Бу хаалбыт 10 сылга бэлэмнэнии, тупсарыы үлэтигэр хас биирдии олохтоох кыттыһыахтаах. Казань 1000 сылыгар бэлэмнэммитин курдук, Дьокуускай 400 сылыгар бэлэмнэниэхтээхпит. Бу кэмҥэ туох уларыйыаҕай, туох саҥа тутуу тутуллуоҕай? Бу туһунан мээр Евгений Григорьев бэҕэһээ балаҕан ыйын 10 күнүгэр пресс-кэмпириэнсийэҕэ кэпсээтэ.
Бу иннинэ киин куорат 400 сылын көрсө ыытыллыахтаах үлэни торумнуур «Якутск 4.0.0 Старт» пуорум буолан ааспыта. Онно Дьокуускай инфраструктуратын саҥардыы сүрүн хайысхаларын быһаарсыбыттара: уу ситимин тардыыны, кэлим көҕөрдүү үлэтин, уулусслары сырдатыыны, о.д.а. Бу ылыллыбыт соруктар 2032 сылга диэри толоруллуохтара. Ил Дархан Айсен Николаев «О развитии города Якутска — столицы Республики Саха (Якутия) на период до 2032 года» диэн ыйаах таһааран турар.
Куорат баһылыга Евгений Григорьев сүрүн тосхоллору бэлиэтээтэ. Ол курдук, сынньалаҥ паарката тосту уларыйыаҕа, тупсуоҕа. Аквапаарка уонна экстрим-паарка тутуллуохтара, саҥардыы үлэтэ ыытыллыаҕа. Билигин 3 га иэннээх сирин булан, ыраастыы сылдьаллар. Онно уу, уот тардыллар кыахтаах. Сынньалаҥ паарката кыһыннары үлэлиир буолуоҕа. 2032 сылга куорат паарката 100 сылын туолуохтаах, ону көрсө бэртээхэй бэлэх буолсу. Маны тэҥэ, куоракка суоллар оҥоһуллуохтара, сквердэри, болуоссаттары тупсарыы, социальнай эбийиэктэри тутуу, кэлим көҕөрдүү үлэтэ салҕаныа.
Хаарбах дьиэлэри барыларын күрдьэн, онно олорор дьону саҥа дьиэҕэ-уокка көһөрүөхтэрэ. Онуоха федеральнай киинтэн эбии үп көрдөһүөхтэрэ. Билигин олорор дьиэ үс гыммыт биирэ – мас дьиэ. Онно 35 тыһыынча киһи олорор. Бу киин куорат биир ыарыылаах боппуруоһа буолар.
“204-с кыбаартал тутуллуо дуо?” диэн ыйытыыга Евгений Григорьев: “Бастаан хаарбах дьиэлэрбитин көһөрүөхтээхпит, ол кэнниттэн толкуйдуохпут. Холобур, Сайсары оройуонун мас дьиэлэрин көһөрдөххө, онно олорор дьиэни тутарга сир баар”, — диэн хоруйдаата.
Элбэх оҕолоох ыаллар босхо сир ылар уочараттарыгар 7000 кэриҥэ дьиэ кэргэн турар. Бу эмиэ сытыы боппуруос. Федеральнай сокуон ирдэбилинэн, учаастак суоллаах, уоттаах буолуохтаах. Бүлүүлүүр аартыкка, Маҕан суолугар, Намсыыр аартыгар бэриллибит учаастактарга суолу оҥорор, уоту тардар үлэ ыытыллыаҕа.
— Тапталлаах Дьокуускайбыт 400 сылыгар ирбэт тоҥҥо турар бастыҥ куорат буоларын ситиһиэхтээхпит, — диэн Евгений Григорьев түмүктээтэ.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru