Дьокуускайга 11-с кылаас үөрэнээччитэ Филипп Кириллин халабырдьыты тутта (ВИДЕО)

Ааптар: 
05.05.2019
Бөлөххө киир:

Хорсун санаалаах ыччат дьон баарынан киһи эрэ киэн туттар! Дьокуускай куоракка оскуола үөрэнээччитэ хаста да сууттана сылдьыбыт халабырдьыты эт илиитинэн тутта!

edersaas.ru

Бу дьыл ыам ыйын 4 күнүгэр, сарсыарда 09.30 мүн. саҕана, киин куорат 31 №-дээх оскуолатын таһыгар 1990 сыллаах төрүөх, урут хаста да сууттана сылдьыбыт киһи 10-с кылаас үөрэнээччитигэр саба түһэн, кыыһы 11-тэн итэҕэһэ суохтук төбөҕө охсон баран, суумкатын былдьаабыт.

Ити кэмҥэ оскуолатын олбуоругар киирэн испит 11-с кылаас үөрэнээччитэ Филипп Кириллин илиитигэр дьахтар суумкатын туппут, тиэтэллээхтик хааман иһэр, кыратык доҕолоҥнуур киһини өйдөөн көрбүт.

Уол аҕыйах хардыы оҥороотун, кыыс хаһыытыырын, ытыырын истибит. Туох буолбутун тута өйдөөн, саарыы барбакка, ол киһини эккирэппит, онуоха анараата атахха биллэрбит.

Спортсмен уол халабырдьыты гараастар аттыларыгар ситэ баттаан ылбыта — киһитэ суумканы хасыһа турар эбит.  Уол бөрөстүүпүнньүгү биирдэ кэтэххэ охсон охторбут, суумканы былдьаан ылбыт.

Онтон суумканы кыыска биэрэн, халабырдьыты сиртэн туруоран, «суһал көмөнү» уонна полицияны ыҥырбыт. Итиэннэ уорбаланааччыны полиция кэлиэр диэри тутан турбут.

Филипп Кириллин хорсун быһыытын сотору кэминэн Ис дьыала министиэристибэтэ бэлиэтиэхтээх.

Силиэстийэ уорганнара «халааһын» ыстатыйанан холуобунай дьыала тэрийэн силиэстийэлииллэр.

Бу туһунан СӨ ИДьМ-тын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска, видео: Дьокуускай куорат полициятын пресс-сулууспата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0