Дьокуускайдааҕы үүт собуотун дириэктэрэ Илья Самсонов: “Биһиги хаачыстыбанан, патриотизмынан уонна сыанабытынан атыылаһааччыны бэйэбитигэр тардабыт “

Ааптар: 
31.05.2022
Бөлөххө киир:

Баай устуоруйалаах “Дьокуускайдааҕы үүт собуота” 1933 с. “Холбос” респотребсойуус көҕүлээһининэн мас дьиэҕэ үлэтин саҕалаабыта уонна бу 2022 сылга диэри Саха сиригэр өрөспүүбүлүкэ биир бастыҥ оҥорон таһаарааччытыгар диэри үүнэн-сайдан кэллэ.

Бүгүн СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Михаил Никифоров эбиэттэн киэһэ Дьокуускайдааҕы үүт собуотун үлэтин билистэ, баар кыһалҕалары көрдө, хайдах салгыы сайдыахха сөбүн дьүүллэстэ. Кинини СӨ тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Атласов, миниистири солбуйааччы Артем Александров, Розаида Гудуева уо.д.а. арыаллаатылар.

Собуот дириэктэрэ Илья Самсонов тэрилтэ сыахтарынан сырытыннаран, оборудованиеларын, хааччыллыыларын көрдөрдө. Сыыры оҥорор сыахха харайар ыскылааттарыгар “Домашний” диэн ааттаах сыыр бибилэтиэкэҕэ долбуурга турар кинигэлэр курдук   кэчигирээн тураллар. Сойутуллубутун, хааламмытын кэннэ аны киилэтин ааҕыы-суоттааһын курдук үлэҕэ уолаттар түбүгүрэ сылдьаллар.  Оттон тэрилтэни ыаммытынан үүтүнэн хааччыйар хаһаайыстыбалар испииһэктэрэ истиэнэҕэ анал дуоскаҕа суруллан иһэр эбит. Тулагы Киллэмтэн эҥин төһө кэлбитэ барыта ыйыллыбыт.

Кини этэринэн, собуот 20216 кв. м иэннээх таас дьиэҕэ-уокка үлэлиир. Манна 40 тахса көрүҥ үүт бородууксуйата сыырга диэри оҥоһуллар, ыраас уу кутуллар. Дьокуускай куораты уонна куорат таһынааҕы нэһилиэктэри быыстала суох үүт аһылыгынан хааччыйан олорор  тэрилтэ билигин “Молочный дождик”, “Якутяночка” диэн мааркаларынан нэһилиэнньэҕэ биллэр. Ааспыт сылга хаһаайыстыба 11 туонна 200  киилэ бородууксуйа араас көрүҥүн оҥорон таһаарбыт буоллаҕына, быйыл 12 туонна оҥорор соруктаах. Тас дойдулар биллэрбит сааҥсыйаларынан сибээстээн, дойдуга олохтоох бородууксуйаны оҥоруу соруга турарын тэрилтэ үлэһиттэрэ үчүгэйдик өйдөөбүттэр. Онуоха аҥаардас оҥорон таһаарыы эрэ буолбакка, собуот туох эмэ быстах алдьаныыттан-кээһэнииттэн үлэтэ тохтооботун курдук, саппаас чааһынан эҥин эрдэттэн хааччыныы соруга турар. Бу өттүгэр билигин долгуйарга төрүөт суох курдук. Амортизация саппааһа балачча сылга тиийэр баар.

Эдэр дириэктэр Илья Александрович этэринэн, бородууксуйалара үрдүк хаачыстыбалаах уонна маркетиҥҥа үлэлиилэр. Уонна Дьокуускайдааҕы үүт собуота икки сыл устата сыанатын 2,5 быр. эрэ үрдэппитэ диир. “Биһиги хаачыстыбанан, патриотизмынан уонна сыанабытынан атыылаһааччыны бэйэбитигэр тардабыт “, — диир дириэктэр.

Бары сыахтары сиһилии көрөн баран,  өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Михаил Никифоров оҥорон таһаарыыны хайдах үрдэтэр, батарыыны хайдах тэрийэр туһунан сүбэлэстэ.

— Оҥорон таһаарыы кээмэйин туһунан эттэххэ, билиҥҥи туругунан собуот кыамтата ситэ туһаныллыбат, ол сырьенан хааччыллыыттан тутулуктаах. Батарыы боппуруоһа сүрүн буолуохтаах. Ол курдук, куораты эрэ буолбакка, оройуоннарга бородууксуйаны тарҕатыахха наада. Холобура, илин эҥээр уонна киин улуустарга. Сыыйа Арктика уонна хотугу улуустары эмиэ хабаллара ирдэнэр. Манна логистиката олох атын буолуоҕа. Оттон технологическай сайдыы өттүнэн көрдөххө, бу боппуруоска этиилэрин бэлэмниэхтээхтэр, онтон СӨ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр, Бырабыыталыстыбатыгар көрүөхпүт. Оҥорон таһаарыы кээмэйэ улаатыахтаах, бородууксуйанан хабыы кэҥиэхтээх, оскуола аһылыгар тиийэ, — диэтэ Михаил Викторович. Кистэл буолбатах, билигин үгүс улуустартан кэмиэрсийэнэн дьарыктанааччылар бэйэлэрэ кэлэн тиэйэн илдьэллэр эбит. Ону сэргэ анал үөрэхтээх исписэлиистэр тиийбэттэрэ бэлиэтэннэ. Маныаха Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин нөҥүө үөрэттэриини тэрийиэххэ сөбүн туһунан этилиннэ. Үчүгэй технологтары эҥин бэлэмнээн таһаарар Улан Удэ, Кемерово, Москва да курдук куораттарга. Быһата, Дьокуускайдааҕы үүт собуотун  бородууксуйата атын бөдөҥ хампаанньалары, чуолаан, “Фермерскэй подворье” эҥин курдук бреннэри кытта күрэстэһэр кыахтаах буолуохтааҕа ыйылынна.

Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова

Хаартыскаҕа: Дьокуускайдааҕы үүт собуотун үлэтин билсии.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0