“Туймаада-Агроснаб” ААУо иһинэн үлэлиир Дьокуускайдааҕы балык собуота Хабаровскайга ыытыллыбыт «ДальПищеПром-2019» быыстапка-дьаарбаҥкаттан диплом уонна “Улахан кыһыл көмүс мэтээл” тутуурдаах кэллэ.
edersaas.ru
Саха сирин экологическай өттүнэн ыраас, сибиэһэй балыга маннык тэрээһиннэргэ мэлдьи даҕаны үрдүктүк сыаналанар. Ол курдук, “Туймаада-Агроснаб” күһүн ахсын ыытыллар “Ас-үөл” өрөспүүбүлүкэтээҕи быыстапка-дьаарбаҥкаларга мэлдьи бастыыр, оттон Бүтүн Арассыыйатааҕы “Көмүс күһүн” быыстапка-дьаарбаҥкаҕа түөрт сыл субуруччу кыһыл көмүс мэтээлинэн наҕараадаламмыта.
Павел Чириков, «Туймаада-Агроснаб» ААУо генеральнай дириэктэрэ:
— Бу быыстапкаҕа Арассыыйа үгүс эрэгийиэннэрин асчыттара итиэннэ атын дойдулар хампаанньалара эмиэ кэлбит этилэр. Дегустацияҕа ыалдьыттар ордук Саха сирин балыгын бэркэ сэҥээрдилэр, мантан илдьибит бородууксуйабытын, 300 киилэ балыгы, барытын үс күн иһигэр батардыбыт. Ыыһаммыт чыыр биһиги визитнэй карточкабыт курдук буолла, буруоҕа ыыһанар балык иҥэмтэлээх эттиктэрин сүтэрбэтин, үгүс тума туттуллубатын, төрүт амтанын илдьэ сылдьарын, туох даҕаны консервана суоҕун судьуйалар ордук биһирээтилэр.
Даҕатан эттэххэ, тэриллибитэ сүүрбэ сыл буолбут «ДальПищеПром» быыстапка-дьаарбаҥка Уһук Илиҥҥи эрэгийиэн тыа хаһаайыстыбатын табаарын оҥорон таһаарааччыларын, технологтарын, асчыттарын түмэр, уопуттарын атастаһыннарар биир саамай бөдөҥ итиэннэ хабар эйгэтэ сыллата кэҥээн иһэр быыстапка-дьаарбаҥка буолар. Маннык улахан түһүлгэҕэ ситиһиилээхтик кыттыы биһиги тэрилтэлэрбитигэр Уһук Илиҥҥи эрэгийиэҥҥэ эт, балык бородууксуйатыгар, ювелирнай оҥоһуктарга эрэ буолбакка, баан өҥөтүн кэҥэтиилэригэр эмиэ улахан олугу уурда.
Раиса СИБИРЯКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru