Дьокуускай улахан уулуссатын устуоруйата

Ааптар: 
18.08.2023
Бөлөххө киир:

Дьокуускай куорат дьоҕус остуруоктан Уһук Илин биир улахан куората буола улааппыта. Былыргы остуруогу халаан уута тоҕо анньан ааспытын кэннэ билиҥҥи Доҕордоһуу болуоссатын сиригэр саҥа бөҕө-таҕа кириэппэс 1680-с сылларга тутуллубута, онтон ыла билиҥҥи куорат омооно олоҕуран барбыта. Преображенскай таҥара дьиэтиттэн Спасскай манастыырга (билигин Ярославскай аатынан кыраайы үөрэтэр мусуой) диэри араас тутуулар баар буолбуттара, бойобуода кэнсэлээрийэтин таас дьиэтэ, хааһына ампаардара, эргиэн сирэ, нууччалар дьиэлэрэ, сахалар балаҕаннара тутуллан барбыттара. Туох даҕаны былаана суох олохсуйуу түмүгэр дьиҥнээх уулусса диэн суоҕун кэриэтэ этэ. 

ААТТЫЫН УЛАХАН УУЛУССА

Мусуойга хараллан кэлбит Дьокуускай куорат саамай былыргы каартата 1770 сылынан бэлиэтэммит. Бу каартаны көрдөххө, сүүһүнэн сыллар тухары Дьокуускай туох да былаана суох, үлүбээй тутулла турбута көстөр. Ол да буоллар, саҥа кириэппэстэн Спасскай манастыырга диэри хайысхаҕа сүрүн сылдьыһар үөс сир уулуссаҕа кубулуйан эрэрэ көстөр. XVIII үйэ түмүктэниитэ эрэ Саха сирин киин куоратыгар дьиҥнээх былааннааһын үөдүйэр, уулуссалар хорутуллаллар, көнө сылдьыһыыга мэһэйдиир тутуулары көтүрэн, кытыыларыгар оннооҕор тротуар ууруута саҕаланыаҕа. Бу кэмҥэ сүрүн уулуссаҕа докумуоҥҥа суруллар аат иҥэриллэр, үйэ тухары ааттаммытынан “Большая” аатырар. Аппа уҥуор өттүгэр (билигин Залог) Иркутскай уулусса диэн ааттанан тиийэн, «Иркутско-Якутский» тракт дэнэр, Дьокуускайы аан дойдуга холбуур суолга холбонор. Атын уһугар Мархалыыр суолга кубулуйар.

Большая уулусса төһө даҕаны киин уулусса аатырбытын иһин, аппата-дьаппата эрэ дэхсилэммит буор суол буолан өр кэм устата сыппыта. Сыылкаҕа кэлбит аатырбыт декабрист А. А. Бестужев-Марлинскай 1827–29 сылларга Дьокуускайга олорбутун туһунан ахтыыларыгар Большая уулусса туһунан бу курдук суруйар. “Сотору буола-буола, дьону тиэйэр тэлиэгэлэри бадараантан икки көлүллүбүт оҕус күүһүнэн орууллар. Манна биир инбэлиит дьон бадарааҥҥа хаалларбыт холуоһаларын уонна бачыыҥкаларын ороон айаҕын ииттинэр үһү”.
Ол да буоллар, киин уулусса кытыытыгар “бастыҥ дьон” дьиэлэрэ тутуллаллар, маҕаһыыннар дьэндэһэллэр, араас култуура уонна үөрэҕирии эбийиэктэрэ кытта баар буолан бараллар. Бибилэтиэкэ, учууталлар семинариялара, Приютов киинэ көрдөрөр уонна хаартыскаҕа түһэрэр тэрийиитэ, күбүрүнээтэр дьиэтэ, утуу-субуу тутуллаллар.

ТРОТУАР
1858 сыл, уобаластааҕы архитектор Судовшин Дьокуускай уулуссаларын тупсарыы үлэтинэн дьарыгырар. Кини бырайыагынан куоракка тротуары тутуу биир кэлимсэ быраабыла ылыллар:

1) уулусса кытыытыгар турар дьиэ эркиниттэн 1 1/2 арсыын арыт баар буолуохтаах, ити арыт дэхсилэнэн тааһынан уонна кумаҕынан кутуллуохтаах;

2) тротуар көнө мас хаптаһыннарынан таҥыллар, 2 арсыын кэтиттээх буолуохтаах;

3) тротуар уонна уулусса икки ардыгар уу сүүрэр ханааба хаһыллар.

Бу иннинээҕи кэмҥэ, архыып кумааҕылара туоһулуулларынан, сатыы дьон хаамар сирдэрин оҥоруунан Туймаада хочотугар дьарыктана иликтэрэ көстөр. Төрүттэниэҕиттэн бэрт инчэҕэй сиргэ турар Дьокуускай олохтоохторо билигин даҕаны сорох уулуссаларга бачыыҥкаларын хааллара сыһа-сыһа хаамарга күһэллэллэр. Судовшин киллэрбит быраабылаларынан тутуллубут тротуардар XX үйэ бүтүүтүгэр диэри Дьокуускай сорох уулуссаларыгар таҥыллан кэлбиттэрэ.

КЫАЙТАРБАТАХ БАЛАҔАН
Илиҥҥи Сибиир күбүрүнээтэрэ Семён Богданович Броневский 1836 сыллаахха Дьокуускай иһигэр сахалыы балаҕаннары суох оҥорорго ыйаах таһаарар. Сүрүн сылтаҕынан итинник дьиэлэр “уоруйахтар түмсэр ыыспалара” диэн ааттыыр. Куорат иһигэр балаҕан тутуутун боборго уураах таһаарар. Ол эрэн, 1852 сыллаахха суруллубут “сахалыы тутуулаах дьиэлэр көмүлүөктэриттэн кыым тахсар, үгүс баһаар төрүөтэ буолар” диэн дакылааттыыр сапыыскаттан сылыктаатахха, күбүрүнээтэр ыйааҕа толоруллубатаҕа көстөр. 1858 сыллаахха “саҥа балаҕаннары тутары бопсорго, хаарбах туруктаахтары көтүрэргэ!” диэн уураах тахсар.

1912 сыллаахха И. Крафт күбүрүнээтэр “Сахалыы тутуулаах дьиэни оһол тахсыбатын курдук тутуу” диэн ыйытыыны Уобалас дьаһалтатын мунньаҕар таһаарар. Икки сыл иһигэр, 1909–1911 сылларга, Дьокуускайга 23 баһаар буолбут, онно 22 киһи, 40 ынах сүөһү уокка былдьаммыт. Куорат баһаарын сүрүн төрүөтүнэн көмүлүөк оһох оҥоһуута буолар диэн быһаарыллар. Крафт Дьокуускай аныгы куорат буоларыгар элбэх өҥөнү оҥорбут киһи — уу хачайдыыр ыстаансыйа, бастакы уот ситимнэрин тардааһын, үгүс таас дьиэлэр тутулууулара. Биир улахан тутуу Уопсастыбаннай бибилэтиэкэ билигин куорат биир “визитнай карточкатынан” буолар. Бу дьиэни тутарга анаан-минээн кэлбит архитектор Казимир Лешевич көмүлүөк кыһалҕатын быһаарыыга кыттыгастаах. Кининэн көмүлүөк үөлэһиттэн кыым көтөрүн кыччатар, оһох тутуутугар туруорбах мас туттуллубатын курдук бырайыагы оҥоттороллор. Саха оһоҕун үөлэһин дулҕанан бүөлүүрү боболлор, Лешевич бырайыагынан иһиттэн сабыллар оҥороллор.

Ити курдук, Иоганн Крафт, урукку тойоттор курдук бобуунан дьарыктаммакка, “балаҕан кыһалҕатын” лаппа кыччатар, баһаар ахсаанын намтатар. Бу кэнниттэн Дьокуускай уулуссаларыттан саха балаҕана улам сүтэн барар.

БИИР ҮЙЭ УСТАТА ТҮӨРТ ААТ УЛАРЫЙЫЫТА
Үс үйэ тухары Большая уулусса аатырбыт киин уулусса XX үйэҕэ түөрт төгүл аатын уларытар. Бастаан 1917 сыллаахха Олунньутааҕы Улуу өрөбөлүүссүйэ аата иҥэриллэр. 1924 сылга, улуу өрөбөлүүссүйэ ыйа уларыйар — уулусса Улуу Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин аатын сүгэр. Уон сылынан, уулусса аата эмиэ уларыйар, Октябрьская диэн ааттанар. Тиһэх аата уулусса статуһун эмиэ уларытар — 1962 сылтан ыла Дьокуускай киин уулуссата Ленин проспега диэн аатырар. Ити туһунан устуоруйа.

Дьиҥэр Ленин аатынан уулусса Дьокуускайга 60-с сылларга баар буоллаҕа дии, хайдах суох буолуой? 1990 сылтан ыла Кулаковскай аатынан уулусса диэн билэр уулуссабыт 1930–62 сылларга Ленин аатынан уулусса этэ. Ол эрэн, Сэбиэскэй былаас кэминээҕи олохтоммут үгэс быһыытынан, дьон олорор нэһилиэнньэлээх
пууннара, саамай кыра дэриэбинэттэн саҕалаан, киин куораттарга тиийэ, сүрүн уулуссаларын аата улуу Ленин аатын сүгэр этилэр. Онон, 1962 сыллаахха ити икки уулуссалар ааттарын уларытыы үлэтэ ыытыллар: урукку “Большая” — “имени Великой Февральской революции” —“имени Великой Октябрьской революции” — “Октябрьская” уулусса Ленин аатынан проспект буолар. Аатыттан маппыт урукку “Логовая” — “имени Астраханцева” — “имени Ленина” уулусса “улица Мира” диэн ааттанар. Кэнники бу уулусса “50 лет ВЛКСМ” буолбута, онтон 1990 сыллаахха Алексей Елисеевич Кулаковскай аатын сүкпүтэ.

ТҮМҮККЭ
Дьокуускай куорат проспегар ааспыт сылтан саҕалаан улахан өрөмүөн ыытылла турар. Бу кэм иһигэр сүрүн уулусса суоҕа массыына сырыытын олуһун хааччахтыырын көрдөрдө. Улахан уулусса, билигин даҕаны олус улахан суолталаах, куорат хорук тымыра эбит. Билигин да көрдөххө, проспекпыт лаппа тупсара, кэҥиирэ көстөр. Оннук эрэ буоллун, Саха сирин киин куоратын сүрүн уулуссата тупса, сайда турдун!

Егор Карпов, «Саха сирэ» хаһыат

+1
2
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0