Дьокуускай оскуолатын музейа Уһук Илиҥҥэ бастыҥ буолла

Ааптар: 
08.12.2021
Бөлөххө киир:
Дьокуускай куорат 26 №-дээх оскуолата дьоһун ситиһиилэнэн, кэлэктиип үөрүүтэ улахан.
Ол курдук, оскуола музейын «Кыһыл суолдьуттар» («Красный следопыт») көрдүүр-чинчийэр кулууба «Биллибэт саллаат» («Неизвестный солдат») Арассыыйатааҕы күөн күрэс кыайыылааҕынан буолла уонна Уһук Илиҥҥэ бастыҥынан ааттанна.

Күөн күрэскэ дойду 69 эрэгийиэниттэн оскуола музейдара кыттыбыттар. Дьүүллүүр сүбэ түмүккэ 16 кыайыылааҕы быһаарбыт. Куорат уонна тыа сирин түмэлэ диэн икки номинациянан талбыттар.

Дьокуускайтан көрдүүр-ирдиир үлэнэн дьарыктанар кулууп күрэскэ «Мой дедушка – неизвестный солдат», 7 үлэ — «Письма с фронта», «Живая память поколений», икки чаастан турар, «Дети войны», «Не стареют душой ветераны», «Мемориалы в честь воинов Якутии», «Рассказ Айтала Саввинова» бырайыактарынан кыттыбыт.

Бу кулууп 2014 сыллаахха тэриллибит. Кулуубу СӨ үөрэҕирии туйгуна, үлэ бэтэрээнэ, музей сэбиэдиссэйэ Христина Чусовская салайар.

Күөн күрэс лауреаттарыгар уонна кыайыылаахтарыгар наҕараадаларын туттарыы 2021 сыл ахсынньы — 2022 сыл тохсунньу ыйдарыгар буолуоҕа.

Бүтүн Арассыыйатааҕы күөн күрэһи «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа тэрийбит.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0