Дьокуускай оскуолатыгар аҕа-оҕо оһуокайа

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Муус устар 4 күнүгэр Дьокуускай куорат иккис нүөмэрдээх оскуолатын үрдүкү кылаас уолаттара уонна кинилэр аҕалара САССР 100 сылыгар уонна Аҕалар күннэригэр анаан сахалыы таҥастаах оһуокайдаатылар.

Бу аҕа-оҕо оһуокайын биллэр общественник, Марха өрүс көмүскэлин түмсүүтүн салайааччыта, Дьокуускай куорат иккис нүөмэрдээх оскуолатын аҕалар сүбэлэрин баһылыга Любомир Николаевич Михайлов уонна иккис нүөмэрдээх оскуола директора Василий Михайлович Владимиров, оскуола кэлэктиибэ тэрийдилэр.

Оһуокай тылын оскуолабыт Аҕалар сүбэлэрин бырабылыанньатын чилиэнэ, СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ, элбэх оҕолоох аҕа Виктор Игнатьев эттэ. Сорох оҕолор оһуокайга маннайгытын кыттыбыттар эбит. Кинилэргэ Аҕалар оһуохай хаамыытын, сахаларга оһуокай суолтатын билиһиннэрдилэр.

Любомир Михайлов саха киһитигэр оһуокай ураты суолталааҕын, өбүгэлэрбититтэн илдьэ кэлбит үтүө үгэстэрбитин өрө тутуохтаахпытын, оһуохай сомоҕолуур күүстэҕин туһунан кэпсээтэ. Оҕолор бастаан туттуна соҕус, онтон улам аһыллан, оһуохайга киирэн, оһуокай этээччитин батыһан, тэҥҥэ тылын үтүктэн бэртээхэй эйгэҕэ киирдилэр.

Оскуола директора Василий Михайлович этэринэн бу сайын оскуола юбилейыгар улахан оһуокай тэриллэрэ былааннанарын биллэрдэ.

Убаастабыллаах Аҕалары оскуола учуутал Кэрэ Куолара, Далбар хотуттара сахалыы таҥаһынан симэнэн хомуска оонньоон уруйдаатылар. Хомойуох иһин оскуолабыт олбуоругар баппат буолан, бу сырыыга 9-10-11 кылаастар эрэ кытыннылар.

Аҕа-оҕо оһуокайын Сахабыт сирин атын оскуолалара өйүөхтэрэ, үтүө холобуру батыһыахтара диэн эрэнэ хаалабыт.

Дьокуускай куорат 2-с нүөмэрдээх оскуола Аҕаларын сүбэтэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0