Дьокуускай олохтоохторо эдэр саастарын төнүннэрэн ыллылар

Ааптар: 
11.09.2022
Бөлөххө киир:

Бүгүн Дьокуускай куоракка саамай дьону мунньубут, санааны көнньүөрпүт, куорат устуоруйатын көрдөрбүт тэрээһининэн «Дьокуускай-Ретро» куонкурус буолла дии санаатым. 

Манна биирдиилээн дьон уонна бөлөҕүнэн 40-ча сэбиэскэй кэминээҕи муода араас көрүҥүн көрдөрдүлэр.

Дьон дьэ таҥаһын ууруна сылдьар, кэриэстиир да буолар эбит! Ол курдук,  билигин умнууга барбыт эрээри, 50-70 сылларга кэтиллэ сылдьыбыт «газовай» дэнэр былааттан, «рюмочка» уонна «лодочка» хобулуктаах түүппүлэлэртэн, болоньевай плащтан саҕалаан, бородуукта сиэккэтигэр тиийэ көрдүбүт.

Мария Слепцова плаһын устан, учуутал ийэтэ кэппит көстүүмүн көрдөрбүтүгэр, дьон бары соһуйан өмүрэ түстүлэр, онтон ытыс тыаһа хабылла түспэтэ дуо! Кырдьык,бу көстүүмү көрөөт, үгүстэр сэбиэскэй кэминээҕи  «классическай» учууталлара харахтарыгар көстөн кэллэ. Бу манан бүппэтэ. Мария биэстээҕэр  бэйэтэ кэппит былааччыйатын уонна рейтузатын аны кыыһа Анжелика кэтэн тахсан, үгүстэргэ оҕо саастарын санатта.

Мария Григорьевна  учуутал ийэтэ Зоя Михайловна  олохтон барбытын кэннэ таҥастарын бэрийэ сылдьан, ийэтин өйдүү-саныы сылдьаары бу көстүүмүн хаалларбыт эбит.

— Ийэм, нуучча тылын учуутала, наһаа маанытык таҥнарын сөбүлүүрэ. Хайаан да сэлээппэ кэтэрэ. Ол таптыыр сэлээппэтин бүгүн тахсан көрдөрдүм. Бу маннык куонкурустары тэрийэллэрэ наһаа үчүгэй. Төһө кыалларынан чаастатык урукку кэми эргитэр, куорат устуоруйатыгар сыһыаннаах тэрээһиннэри ыыталлара буоллар. Бүгүн бары чахчы даҕаны 50-с, 60-с, 70-с сылларга эргиллэн ыллыбыт, — диэн санаатын үллэһиннэ Мария Слепцова.

Тэрээһин кэмигэр норуот оҥоһугун технологиятын уонна дизайн кэллиэһин устудьуоннара Дьокуускай куорат олохтоохторо кэтэ сылдьыбыт ааспыт үйэтээҕи таҥастарын мунньан, сэбиэскэй кэминээҕи муода түмэлин оҥорон эрэллэрин иһитиннэрбиттэрин, мустубут дьон дохсун ытыс тыаһынан көрүстүлэр.

Ким оҕо сааһын, ким оскуолатааҕы уонна устудьуоннаабыт, ким эдэр сааһын санаан ылар, дьон санаата кэлэн кыттар үгэс буолбут куонкурус өссө да ыытылла турарыгар баҕарабыт.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат. 

Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ уонна видеоҕа устуута.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0