Дьокуускай олохтооҕо участковайга махтанна

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Дьокуускай куорат полициятын дьуһуурунай чааһыгар Саньяхова Анна Ивановнаттан «Махтал сурук» киирбит. Буруйу оҥоруу түмүгэр эмсэҕэлээбит дьахтар ол суругар 18 №-дээх «Строительный-2» административнай учаастагы көрөр-истэр полиция лейтенана, участковай боломуочунай Константин Павловка истиҥник махтанарын биллэрбит.

edersaas.ru


Бу дьыл тохсунньу ыйыгар дьахтар Москва куоракка барбыт кэмигэр, кыбартыыратыгар уоруу тахсыбыт: ювелирнай киэргэллэри таһынан, тутуу инструменнарын (дрель, перфоратор уо.д.а) — уопсайа 100 тыһыынча солкуобай суумалаах маллары сойбоппуттар.

Бу уоруу «сылааһына» арыллыбыт. Кыһыл көмүс браслет хаһаайкаҕа төннөрүллүбүт. Итинэн сибээстээн, сурук ааптара участковай Константин Павловка «буруйдааҕы булуҥ уонна уоруллубуту төннөрүҥ диэн көрдөһүүбэр болҕомтолоох сыһыанын иһин» диэн махтаммыт.

Константин Павлов ис дьыала уорганнарыгар 2009 сыллаахтан сулууспалыыр, бастаан патруллуур-постовой сулууспаҕа үлэлээбит. Дьокуускай куоракка Судаарыстыбаннай администрирование институтугар «юриспруденция» салаатыгар үөрэммит.  Икки сыллааҕыта участковай боломуочунайдар сулууспаларыгар көһөрүллүбүт.  Кэргэннээх, уол оҕолоох. Сулууспатын кэмигэр үрдүк көрдөрүүлэрин иһин элбэхтэ биһирэммит.

Бу туһунан СӨ ИДьМ-тын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: СӨ ИДьМ-тын пресс-сулууспата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0