Дьокуускай офтальмологтара Нерюнгрига үлэлээтилэр

26.02.2020
Бөлөххө киир:

Нерюнгри улууһун Киин балыыһатыгар Офтальмология өрөспүүбүлүкэтээҕи килиниичэскэй балыыһатын офтальмохирурдара биир нэдиэлэ устата үлэлээтилэр.

edersaas.ru

Анал биригээдэҕэ киирбит офтальмохирурдар Максим Дьячковскай уонна Мария Степанова, анестезиолог Сергей Цыганков, мэдиссиинискэй сиэстэрэлэр Елена Ермолаева уонна Анна Колодезникова саастаах дьоҥҥо киэҥник тарҕаммыт катарактаны эмтииргэ 58 киһиэхэ эпэрээссийэлэри оҥордулар.
“Нерюнгри оройуонугар харах ыарыыларын кыһалҕата сытыытык турар. Олус элбэх эмтэнээччи бу ыарыыны кытта сибээстээх үрдүк технологиялаах көмөҕө наадыйар. Биһиги Анатолий Назаров кылаабынай быраастаах Офтальмология өрөспүүбүлүкэтээҕи килиниичэскэй балыыһатын кытта түһэрсибит дуогабарбыт көмөтүнэн хас сыл аайы 60-ча киһи катарактатын эмтэтэр. Эпэрээссийэ 15-20 мүнүүтэ оҥоһуллар, эпэрээссийэ кэнниттэн доруобуйаны чөлүгэр түһэрэргэ уһун кэм ирдэниллэр”, — диэн Нерюнгри оройуоннааҕы киин балыыһатын кылаабынай бырааһа Алексей Яворскай иһитиннэрдэ.
Дьокуускай куораттан кэлбит быраастар кинилэргэ эпэрээссийэҕэ көмөлөспүт мэдиссиинискэй сиэстэрэлэргэ уонна санитаркаларга махтаннылар.

Манна даҕатан эттэххэ, Благовещенскай, Новосибирскай уо.д.а. куораттар төлөбүрдээх килииникэлэригэр маннык эпэрээссийэлэр 50-100 тыһыынча солкуобай суумалаахтар. Оттон Саха сирин быраастара  босхо, ол эбэтэр Булгуччулаах мэдиссиинискэй страховка полиһынан оҥороллор.

Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ”, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0