Дьокуускай-Өлүөхүмэ туһаайыытынан уунан сырыы төлөбүрэ бигэргэннэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

“Ленатурфлот” ХЭУо “ЛОРП” тэрилтэтэ дьону таһыыга социальнай суолталаах хайысхаларга сыаната бигэргэннэ.

edersaas.ru

Дьокуускайтан Өлүөхүмэҕэ диэри саҥа, түргэн сырыылаах “Валдай” суудуналар сылдьаллар. Ону таһынан, “Восход” тииптээх суудуналар дьону таһаллар. Өлүөхүмэ куоракка диэри билиэт сыаната улахан дьоҥҥо – 6500 солкуобай, 10 саастарыгар диэри оҕолорго – 3200 солкуобай. 5 саастарыгар диэри оҕолорго айан төлөбүрэ босхо, миэстэ көрүллүбэт.

Аара баран иһэн хас даҕаны нэһилиэнньэлэээх пууннарга тохтоон ааһаллар, олорго эмиэ субсидиялаах билиэттэр көрүллэллэр: Сиинэҕэ (2470 солк.), Иһиккэ (3400 солк.), Малыкааҥҥа (3810 солк.), Саҥыйахтаахха (4230 солк.), Мархаҕа (4690 солк.), Урицкайга (5270 солк.), Хороҕо (5850 солк.). Өлүөхүмэҕэ диэри суудуналар күннэтэ сылдьаллар, Дьокуускай куорат пуордуттан сарсыарда 5 чааска араҕаллар. Сиһилии 710018 төлөпүөн нүөмэринэн билсиэххитин сөп.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0