Дьокуускай куораттааҕы Оҕо айымньытын дыбарыаһын маҥнайгы этээһигэр технопаарка арыллыаҕа
Былырыын атырдьах ыйын 10 күнүгэр “СӨ “Кванториум” оҕо техническэй пааркаларын арыйар туһунан” Ил Дархан дьаһала тахсыбыта. Ити кэмтэн ыла үлэ саҕаланан барбыта. Технопаарка Дьокуускай куораттааҕы Оҕо айымньытын дыбарыаһын маҥнайгы этээһигэр алтынньы ортото үлэтин саҕалыаҕа. Ити туһунан “Кванториум” дириэктэрэ Светлана Дьячковская иһитиннэрдэ.
edersaas.ru
Өрөспүүбүлүкэ 57 мөл солк суумалаах федеральнай куонкуруска кыайбыта. Итини таһынан, өрөспүүбүлүкэттэн утары үбүлээһин бырагырааматынан 24 мөл тахса суума көрүллүбүтэ. Инньэ гынан, уопсайа 80 мөл тахса суумаҕа анал тэрил кэлэрин күүтэллэр.
Кванториум — научнай-техническэй эйгэҕэ оҕону эбии үөрэхтээһин саҥа модела буолар. Оҕолор чопчу сорудах ылан, ону толороллор. Маҥнай тугу оҥороллорун толкуйдууллар итиэннэ идиэйэлэрин бырайыактарынан олоххо киллэрэн, түмүгэр бэлэм оҥоһугу айан-тутан таһаарыахтаахтар. Өскөтүн билиҥҥитэ оҕо робототехникаҕа бэлэм дэтээли ылан таҥар эбит буоллаҕына, тустаах технопааркаҕа микросхематыгар тиийэ бэйэлэрэ оҥорон таһаараллара ирдэнэр.
8 квантум үлэлиир:
Робоквантум
IT-квантум
энерджиквантум
виртуальнай ситэриллибит реальность
нейроквантум
аэроквантум
геоквантум
космоквантум.
Итини таһынан, уопсай туһаныыга аналлаах HiTech сыах үлэлиэҕэ. Онно оҕолор гравировка оҥоруохтара, иһэрдиэхтэрэ, лазернай станогунан, 3D принтерынан бэчээттиэхтэрэ.
“Кванториум” технопаарканы “Юные якутяне” өрөспүүбүлүкүтээҕи ресурснай киин (виртуальнай ситэриллибит реальность, нейроквантум), СӨ наукатын Аччыгый академията (аэроквантум, космоквантум, геоквантум), Дьокуускай куораттааҕы Оҕо айымньытын дыбарыаһа (Робоквантум, IT-квантум, энерджиквантум), ону таһынан HiTech салайан үлэлэтиэхтэрэ.
Манна эбэн эттэххэ, балаҕан ыйыгар энерджиквантум педагога Арассыыйатааҕы “Юниквант” куонкуруска кыайыылаах тахсыбыт 7 оҕону илдьэ “Океан” лааҕырга бараары сылдьар. Кинилэр норуоттар икки ардыларынааҕы чинчийээччилэр, саҥаны айан оҥорооччулар симиэнэлэригэр Уһук Илин уокуругар гектары туһаҕа таһаарыы бырайыагынан дьарыктаныахтара. Тыал, күн күүстэрин туһаныыга бырайыак оҥороллоро былааннанар.
Күн бүгүн технопааркаҕа өрөмүөн үлэтэ барар. Алтынньы ортото Инновация күнүн чэрчитинэн, дойду үрдүнэн 17 эрэгийиэҥҥэ “Кванториум” аһыллара былааннанар. Олор кэккэлэригэр Саха сирэ эмиэ баара. Былырыын 19 эрэгийиэҥҥэ технопаарка аһыллыбыта, онтон 2018 сыл бүтүүтэ номнуо 40-тан тахса эрэгийиэн кыттыһара биллэр. “Кванториум” оҕону техническэй идэҕэ уһуйар сыалтан тэриллэр. Манна даҕатан эттэххэ, 2016-2017 үөрэх дьылын түмүгүнэн, Саха сиригэр эбии үөрэхтээһининэн дьарыктанар оҕо ахсааныттан 8 % эрэ техническэй куруоһуоктарга дьарыктаммыта биллэр. 2019 сылга ити сыыппараны 20 бырыһыаҥҥа диэри тириэрдэр сорук туруораллар. Кэлин улуустарга “Кванториум” филиалларын, бииргэ үлэлэһэр тэрилтэлэри арыйаллара былааннанар.
Ааспыт нэдиэлэттэн “Кванториумҥа” оҕолору суруйуу саҕаланна. Интэриэһиргээбит дьон СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтин саайтыгар киирэн, ыйыллыбыт ссыылканан суруйтарыаххытын сөп. Ыйыллыбыт 8 хайысханан, уопсайа, 1000 оҕону хабан үлэлиэхтэрэ. Оччотугар биир хайысхаҕа, быһа холоон, 120-чэ оҕону ылыахтара. Күн бүгүн IT-квантумҥа номнуо 70-ча, робоквантумҥа 40-ча оҕо суруйтарбыта биллэр.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска интэриниэттэн туһанылынна.