Бүгүн, сэтинньи 28 күнүн сарсыардатыгар, Дьокуускай куорат дьаһалтатын дьиэтигэр дьэҥдьиир буолбутун туһунан сонуннары киэҥник тарҕатар ситимнэр иһитиннэрдилэр.
Онно суруйалларынан, дьэҥдьиир мэрия Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениетыгар буолбут. Мэрия пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, дьэҥдьиир ыытыллыахтааҕын туһунан дьаһалтаны эрдэттэн сэрэппиттэр.
Дьэҥдьиири ыыппыт РФ Куттал суох буолуутун федеральнай сулууспатын Саха сиринээҕи управлениета онуоха-маныаха диэри официальнай комментарий биэрэртэн туттунна.
Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: интэриниэттэн.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1