Дьокуускай куорат Губин уулуссатын, уокуругун туһунан төһө билэҕиний?

05.02.2020
Бөлөххө киир:

Сахабыт сирин киин куоратыгар Владимир Губин аатынан уулусса уонна бүтүн уокурук баар эрээри, кини туһунан билэр киһи аҕыйах.

1964 сыллаахха алтынньы саҥатыгар Өлүөнэтээҕи өрүс бассейнын управлениетын эдэр үлэһитэ Владимир Губин үлэтин кэнниттэн киэһэ дьиэлээн испитэ. Кини күөл үрдүгэр икки этээстээх мас дьиэҕэ олороро. Эмискэ оҕолор бэйэ-бэйэлэриттэн тутуһан баран сыыртан сырылаан түспүттэригэр чараас муус тостон, тымныы ууга түспүттэрэ. Ону көрөөт, эдэр киһи оҕолору быыһыы ыстаммыта. Ыксаабыт оҕолор киниттэн тутуһан, тардыалаһан, аллараа тардыбыттара, Володя төрдүөннэрин быыһаан, кытылга таһаарбыта эрээри, сэниэтэ эстэн, хам ылларан, бэйэтэ кыайан быыһамматаҕа.

Хорсун быһыытын иһин Владимир Губиҥҥа “Бочуот Знага” уордьан өлбүтүн кэннэ биэрбиттэрэ. Дьокуускайга олорбут уулуссатыгар, кэлин уокурукка аатын иҥэрбиттэрэ. Ону таһынан, үлэлээбит тэрилтэтигэр кини аатынан теплоход ааттаммыта.

Норуот көҕүлээһинин өйүүр (ППМИ) бырагыраама чэрчитинэн, Владимир Губин хорсун быһыыны оҥорбута 55 сылыгар Дьокуускайга мемориальнай бюст туруорбуттара.

Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0